РФ бырабыыталыстыбата оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр дьаһал ылынна. Кинилэр ипотекаларын сабыыга «Дом.РФ» корпорацияҕа үбүлээһин көрүлүннэ. Ол туһунан сүрүн саайтка таҕыста, суруйда РИА Новости.
Миниистирдэр кабинеттарын саайтарыгар тахсыбыт иһитиннэриигэ «бу боппуруоска Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын дьаһалын бырайыагын ылынарга» диэн суруллар.
Бэлиэтээбиттэринэн, дьаһал бырайыага 32 тыһыынчаттан аҕыйаҕа суох оҕолоох дьиэ кэргэн ипотекатын сабыыга усулуобуйа тэрийэр сыаллаах оҥоһуллубут.
This post was published on 18.10.2021 17:03 17:03