СИА «Билим» бырайыага саҥа тыыннанан тахсар буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын төрүт тыллары үөрэтии, харыстааһын уонна сайыннарыы киинин научнай үлэһитэ, преподаватель, тьютор, «МS» үөрэтэр киин методиһа Наталья Ивановна Спиридонова «Сахамедиа» холдинг былаһааккаларыгар «Төрөппүттэргэ туһалаах сүбэлэр» диэн ыстатыйалар ситимнэрин таһаарарга этии киллэрдэ. Суруйуулар наука чинчийиилэригэр олоҕураллар. Маны сэргэ наука үлэһиттэрин кытта интервьюлар баар буолуохтара.
Ааптар: Наталья Спиридонова
Салгыны эҕирийэрбитигэр мэйиибит тымырдара күүрэллэр, салгыны таһаарарбытыгар налыйаллар. Онон мэйиигэ хаан эргиирэ мөлтүүрэ, киһи сыыһа тыынарыттан буолуон сөп. Тыыныы дьарыктара олус судургулар, ол гынан баран мэйии үлэтигэр, эт-сиин туругар улахан көмөлөөхтөр.
Холобур, толору дириҥник тыыныы киһи тыҥатын күүскэ үлэлэтэр буолан, хаанын кислородунан байытар. Ол киһи мэйиитин килиэккэлэрин чөлүгэр түһэрэр, нервнай систиэмэтэ уоскуйан, күүрүү суох буолар. Мэйиитэ үчүгэйдик үлэлээн, оҕо үөрэҕи үчүгэйдик ылынар, өйүгэр элбэх информацияны тутар буолар, толкуйдуура түргэтиир.
Маннык дьарык оҕону тымныйыыттан харыстыыр, иммунитетын күүһүрдэр. Оҕо тыҥатын сабардама улаатан биэрэр, былчыҥа бөҕүргүүр буолан, тымныйарын ахсаана аҕыйыыр. Уопсайынан былчыҥнара күүһүрэллэр, имигэс буолаллар.
Сөпкө тыыныы дьарыгар диафрагма күүскэ үлэлиириттэн, ис органнар оннуларыгар түһэллэр. Оҕо иһэ хамнаан, аһы буһарара тупсар. Ону таһынан диафрагманан тыыныы оҕо саҥарар дьоҕурун тупсарар, дорҕоону сөпкө таһаарарга көмөлөһөр.
Тыыныыны хонтуруоллуур дьарыктар оҕону бэйэни салайынарыгар үөрэтэллэр. Онон оҕо налыйар, ис туруга, майгыта тупсар. Сөпкө тыыны көмөтүнэн кини уоскуйар, болҕомтолоох буолар.
Дьарыгы ыытарга сүбэлэр уонна хааччахтар:
- Маннык дьарыгы күҥҥэ хаста да оҥоруохха сөп. Ол эрэн тыыныы киһини өрүкүтэр буолан, дьарыгы сарсыарда, эбэтэр күнүс оҥорор табыгастаах.
- Аччык искэ, эбэтэр субу аһаан баран оҥорор табыллыбат. Ас кэннэ биир чаас буолан баран, оҥорор сөптөөх.
- Ыраас салгыҥҥа дьарыктаныллар. Таһырдьа, эбэтэр сатаммат буоллаҕына, хоһу эрдэ салгылатыллар.
- Оҕо таҥаһа түөһүн, иһин ыга туппат буолуохтаах.
- Дьарык кэмигэр оҕо күүрүө суохтаах: моойун, илиитин, атаҕын, түөһүн, иһин босхо ыытыахтаах.
- Дьарыгы салгыны таһаарартан саҕалыыр ордук. Ол кэннэ дьарык этэринэн тыыныллар. Тыыныы кэмигэр оҕо диафрагматын (иһин) уонна саннытын хонтуруоллуохтаах. Иһэ хамныахтаах, санныта өрө тахсыа суохтаах.
- Сүрэҕэ ыалдьар оҕо уонна тымныйа сылдьар кэмигэр тыыныы дьарыгын оҥоруллубат.
- Кыра оҕолорго маннык дьарыктары оонньуу быһыытынан ыытар ордук.
- Биирдэ 2-3 оонньууну ыытыахха сөп. Дьарык устата 10 мүнүүтэттэн ордуга суох буолуохтаах.
Оонньуулар холобурдара:
Тыҥаны сайыннарыы дьарыктара (салгыны таһаарыы):
1. Утах иһэр туруупканан ууну, эбэтэр салгын саарыгын (хабаҕын) үрүү. Оҕолорго тэҥ саарыктары түҥэтэбит. 10 сөкүүндэ иһигэр ким саарыга улахан сабардамы ылбыт, ол кыайар. Бу оонньуу улахан киһи көрөрүгэр оҥоһуллар. Кини оҕо ууга чачайбатын уонна саарыгы ыйыстыбатын маныыр.
2. Мээчиги утах иһэр туруупканан үрүү. Оҕолорго тэҥ мээчиктэри биир кэккэҕэ сиргэ уурабыт. Кинилэр биир тыыныынан мээчиги туруупкаларынан үрэллэр. Ким мээчигэ ыраах төкүнүйбүт, ол кыайар. Муоста хайаан да ыраас буолуохтаах.
3. Кус түүтүн үрүү. Оҕолорго кус түүтүн түҥэтэбит. Ким түүнү сиргэ түһэрбэккэ салгыҥҥа көтүппүт, ол кыайар.
4. Мыыла хабаҕын үрүү. Иһиккэ мыылалаах ууну кутабыт уонна утах иһэр туруупканы оҕолорго биэрэбит. Кинилэр хабаҕы үрэллэр. Ким хабаҕа улахан уонна өр тэстибэтэх, ол кыайар. Бу оонньууну оҕо барыта таптыыр.
Тыҥаны сайыннарыы дьарыктара (салгыны эҕирийии):
- Утах иһэр туруупка көмөтүнэн биир иһиттэн иккискэ кыра малы көһөрүү. Холобур, икки тэриэлкэ ылабыт. Бииригэр кумааҕы кырадыһынын уурабыт. Биир мүнүүтэ иһигэр ким элбэх кырадаһыны иккис тэриэлкэҕэ туруупкатынан оботторон көһөрбүт, ол кыайар.
- Биир тыынынан этиини саҥарыы. Холобур, «Арыылаабыт араҥалаабыт анды сымыыта 1, Арыылаабыт араҥалаабыт анды сымыыта 2, … », «Король орел, орел король, …».
Мэйиини үлэлэтии, уоскуйуу дьарыктара:
Маннык дьарык кэмигэр тыыныы дириҥ уонна бытаан буолуохтаах. Бу киһи сүрэҕин тэбиитин уоскутар.
- Биир таныынан тыыныы. Киһи мэйиитин үлэтэ, ханнык муннун таныытынан тыынарыттан тутулуктаах. Холобур, уҥа таныынан тыыныы мэйии хаҥас өттүн үлэлэтэр (күүһүрдэр), хаҥас – уҥа өттүн (уоскутар, налытар). Оҕо 3-5 сөөкүүндэ устата салгыны муннун биир таныытынан эҕирийэр, онтон аҕыйах сөкүүндэ тыынын хаайар, ол кэннэ 7-9 сөкүүндэ устата муннунан тыынын таһааран. Бастакы күн 3 сөкүүндэттэн саҕалыахха сөп. Онтон күн аайы 1 сөкүүндэнэн уһатан иһэбит. Оҕо уһаабыта 7-9 сөкүүндэҕэ диэри тиийиэн сөп.
- Муннунан, айаҕынан тыыныы. Оҕо 3-5 сөөкүүндэ устата салгыны муннунан эҕирийэр, онтон аҕыйах сөкүүндэ тыынын хаайар, ол кэннэ 5-7 сөкүүндэ устата айаҕынан тыынын таһаарар.
Маннык дьарыктары киһи сааһыттан тутулуга суох оҥоруон сөп. Дьиэ-кэргэн барыта оонньуура, оҕону иитэргэ-үөрэтэргэ, этин-сиинин, мэйиитин, саҥатын сайыннарарга олус үчүгэй. Дьарыгы аргыый аҕай уустугурдан иһиэххэ сөп. Күҥҥэ аҕыйах мүнүүтэни маннык дьарыктарга аныыр судургу.
Оҕо үөрэ-көтө сылдьарыгар, чэгиэн-чэбдик, дьоллоох, ситиһиилээх буоларыгар, хас биирдии төрөппүт оҕотун үөрэнэр, сынньанар эрэсиимин көрүөхтээх. Оҕо аҕыс чаастан итэҕэһэ суох утуйуохтаах, ороҥҥо эрдэ сытыахтаах, хамнана-имнэнэ сылдьыахтаах. Ыраас салгыҥҥа оонньуохтаах, үчүгэй аһы кэмигэр аһыахтаах.
This post was published on 06.12.2023 15:28 15:28