“Оҕо туризмыгар, сынньалаҥар, доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ сыһыаннаах кэккэ миэрэлэри олоххо киллэрэр ирдэнэр. Олортон сороҕун бэлиэтээн ааһабын. Бу – туристическай инфраструктура хаачыстыбатын тупсарыы, тырааныспар өттүн сайыннарыы, сылы эргиччи оҕо туризмын, сынньалаҥын, доруобуйатын бөҕөргөтүнүү усулуобуйатын, өҥөнү оҥоруу таһымын үрдэтии, үлэһиттэр квалификацияларын көрүү, туристическай өҥөлөрү өйүүргэ цифровой инфраструктура саҥа таһымҥа тахсыахтаах уонна үбүлээһини элбэтэр ирдэнэр” диэн “төгүрүк остуолу” салайан ыыппыт Ил Түмэн билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева бэлиэтээтэ.
Оҕо сынньалаҥа
“Сылы эргиччи үлэлиир оҕолор сынньанар баазалара туруктара мөлтөөбүтүнэн сибээстээн, аҕыйаан иһэллэр. Ордук оҕо сынньалаҥ инфраструктуратын тупсарыыга көрүллэр үп хааччахтаныытыттан дьаарханабыт. Куорат таһынааҕы сынньалаҥ баазалар кэтээн көрөр уорганнар ирдэбиллэригэр сөп түбэспэтэхтэринэн, тоҕус бааза үлэтэ тохтоото. Элбэх оҕону хабар инниттэн стационарнай лааҕырдары палаточнайга уонна күнүскүгэ уларыталлар”, – диэн үөрэх уонна билим миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев иһитиннэриитигэр этиллэр.
Ил Дархан Айсен Николаев Саха сиригэр сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оҕо экскурсионнай уонна туристическай сэртипикээттээх маршруттары оҥоруҥ диэн сорудахтаабыта. Маны сүрүннээччинэн “Юные якутяне” киин анаммыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ туристическай-кыраайы үөрэтэр хайысхалаах бырагыраамалаах 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ баар эбит: “Юные якутяне” оҕо туризмын сүрүннээччи, Аммаҕа уонна Дьааҥыга эдэр туристар ыстаансыйалара, Дьокуускай куораттааҕы туризм салаата. Итини таһынан, үөрэх тэрилтэлэрин иһинэн туристическай холбоһуктар бааллар. Дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан 13 биллэрэр-көрдөрөр маршрут испииһэгэ тэриллибит. Өссө биэс дьиэ кэргэни барытын хабар өрөбүл күннээҕи маршрут үлэтэ ыытылла сылдьар эбит. Ил Дархан сорудаҕынан сүүрбэттэн итэҕэһэ суох оскуола көрдөрөр-иһитиннэрэр уонна бойобуой албан ааттаах миэстэлэринэн маршруттары оҥороллор.
Туристическай маршруттар
Урбаан, атыы, туризм миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрбитинэн, Росстат чахчытынан, дьон туристыы барыытынан былырыын 238 тыһ. туристическай сылдьыы (поток) буолбут. Өрөспүүбүлүкэҕэ 25 туроператор үлэлиир уонна 176 туристическай өҥө (туристические продукты) оҥоһуллар.
“2024 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархан Оҕо саас сылынан биллэрбитэ. Үөрэх, Култуура министиэристибэлэрин, бэйэни салайыныы уорганнарын кытта оҕо туризмын сайыннарыыга оробуочай бөлөҕү тэрийбиппит.
Оҕо сынньалаҥын, туризмын тэрийиигэ официальнай туроператордар үлэлииллэрэ улахан суолталаах. Былырыын урбаанньыттар оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах саҥа туристическай 7 бородууксуйаны оҥорбуттара. Биһиги барыта сүүрбэни тэрийэр соруктаахпыт”, – диэн эттэ.
“Бастакылар хамсааһына” оҕо, ыччат эрэгийиэннээҕи салаатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Оксана Михайлова бэркэ тыл эттэ. “Сокуоннай саастарын туола илик учуокка турар оҕолору стационарнай лааҕырга путевканан уонна айаннарын төлөбүрэ төлөнөрүгэр этиини резолюцияҕа киллэрэргитигэр баҕарабыт. Күн бүгүн 800-тэн тахса оҕо учуокка турар.
Туристическай бырайыак туһунан сыныйан билистим, туристическай маршрукка тахсыбакка эрэ, теоретическай зачету киллэрэргэ этиилээхтэр. Эмиэ учуокка турааччылар тустарыгар “ыалдьабын”, үгүстэрэ уолаттар. Кинилэр түөрүйэни сэҥээрбэттэр, уһуйааччыны кытта ханна эрэ тахсаллара, бараллара ордук. Онон судаарыстыбаннай сорудаҕы көннөрөн биэрэр үчүгэй этэ. Туризм диэн буоллаҕына дьиҥнээх туризм буоллун, көмпүүтэр нөҥүө зачеттаах туризм буолбатын”, – диэн эттэ.
74 оҕолоох оскуола
“Төгүрүк остуол” иитинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Кэрэли” оҕо эбии үөрэхтээһинин киинэ, Амма улууһуттан “Амматааҕы эдэр туристар станциялара”, Мэҥэ Хаҥаластан Ороссолуода оскуолата, куораттан “Айыы Кыһата” гимназия оҕо сайыҥҥы лааҕырын, туристическай холобурдарын туһунан кэпсээтилэр.
Онтон Ороссолуода оскуолатын чорботон бэлиэтиибин. Оскуола баара-суоҕа 74 үөрэнээччилээх, 36 педагогическай үлэһиттээх эбит эрээри, үлэлэрэ баһырхайын сөҕөн эрэ кэбистибит. Дириэктэр кэпсээнигэр сигэннэххэ, оҕону үлэнэн иитии үтүө холобура манна баар эбит. Ол курдук, оҕуруот аһын, хортуоппуйу үүннэриинэн, отонноох үүнээйини хомуйуунан, сылгыны иитиинэн, балыктааһынынан дьарыктаналлар. Оскуола иһинэн 20 миэстэлээх интэринээт үлэлиир, араас нэһилиэктэн кэлэн мас тардыһыытыгар эрчиллэллэр, А уонна В суоппар категориятыгар, тыраахтары ыытарга үөрэнэллэр, оҕуруот маастара исписээлинэскэ үөрэнэллэр эбит. Аны оскуола бас билиитигэр 18 гектар сирдээх, 14 тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар тиэхиньикэлээх, 5 массыыналаах, 50 туонна оҕуруот аһын харайар баазалаах. Бу баара-суоҕа 74 үөрэнээччилээх оскуола!
“Оҕо 70% үлэлиэн баҕарар”
“Төгүрүк остуолга” кыттыбыт дьон Саха сиригэр баар 45 үлэ лааҕырыгар 2905 эрэ оҕо сылдьарын, бу лааҕыр уопсай ахсааныттан 10% кыайбатын, үөрэнээччи ахсааныттан 2% эрэ хабылларын иһитиннэрдилэр. “Күн бүгүн бары салааҕа каадыр тиийбэт, ыйытык көрдөрөрүнэн, үөрэнээччи 70% үлэлээн харчылаһыан баҕарар. Ол эрээри, биһиги уонунан сыллар тухары күүспүтүнэн оҕону сынньата, доруобуйатын бөҕөргөтө сатыыбыт. Ол түмүгэр үлэҕэ сыстаҕаһа суох көлүөнэни улаатыннаран таһаарабыт, онон үлэ лааҕырдарын элбэтиэххэ, муҥ саатар үөрэнээччи 20% үлэ лааҕырынан хааччыйыахха”, – диэн бэлиэтээтилэр.
Аны Арассыыйа үрдүнэн агротуризмҥа быйыл аан бастакытын 700 мөл. солк. грант көрүллүбүт эбит, итинтэн Саха сиригэр төһөтүн сүүйдүбүт, агротуризмы куорат оҕолоро сэҥээриэх этилэр диэн риторическай ыйытыы бэрилиннэ.
“Айыы кыһата” гимназия дириэктэрин административнай-хаһаайыстыбаннай чааска собуйааччы Влади-
мир Ю оскуола, төрөппүт күүһүнэн, судаарыстыбаттан көмөтө суох агротуризмынан дьарыктаналларын эттэ. Аҕалар сыллата уолаттарын илдьэ сылдьан муҥхалыыллар, сайыҥҥы лааҕыр тэрийэллэр, эмтээх үүнээйини хомуйаллар, Саха сирин ытык, кэрэхсэнэр сирдэринэн сылдьаллар, кыраайы үөрэтэр, сатыы бохуоттарга аттаналлар, оннооҕор Мандар Уус кыһатыгар кытта тиийэллэр. “Сайыммыт олус кылгас. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан аатыгар эрэ ыытыллар тэрээһиннэри ыытыыны тохтотуох баара. Үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын (ЛТО) чөлүгэр түһэрэр уолдьаста”, – диэн Владимир Ю эттэ.
Ааптар: Людмила Попова, Саха сирэ саайт