Аныгы үйэ үөрэнээччитэ сүрүн үөрэҕи таһынан атын салааҕа, спорт оскуолатыгар уонна эбии үөрэхтээһин өттүгэр хайдах сыһыаннаһар эбитий? Ону тэҥэ, билиҥҥи үйэҕэ үөрэх эйгэтэ, сайдыыта хайдах барарый? Кэлиҥҥи сылларга оҕо маассабай оонньооһуна лаппа намтыы, тохтуу быһыытыйбыта кистэл буолбатах. Ол төрүөтэ туохха сытарый?
Спорт эйгэтигэр хас да көлүөнэни нөҥүөлээн, үгүс уопуттаах, уруккуну-хойуккуну билбит-көрбүт киһиттэн билиҥҥи оҕо спордун туруга хайдаҕын аһаҕастык ыйыттым. Ол курдук, “Эҥсиэли” хаһыат нүөмэригэр, Петр Юмшанов аатынан Намнааҕы оҕо спортивнай оскуолатын директора Борис Егоров баар кыһалҕалары сиһилии кэпсээн сырдатыа. Борис Прокопьевич 33 сааһыгар республика, 35 сааһыгар Россия үтүөлээх тренерэ ааты ылары ситиспит, ааттаах-суоллаах киһи. Баҕар буолуо, оччолорго кэмэ атын этэ диэҥ. Ол эрээри, маннык түмүктэри, туруу үлэһит дьон көрдөрөр.
Иллэҥ кэми — спортсаалаҕа
Намнааҕы оҕо спортивнай оскуолата аан маҥнай арыллан үлэлииригэр саахымат уонна тустуу салаатынан саҕалаабыт. Оччоттон-баччаҕа диэри оскуола муҥутаан 6-7 араас көрүҥнэри (бокс, көҥүл тустуу, саахымат, дуобат, чэпчэки атлетика, волейбол, ытыы) арыйан үлэлэппитин директор Егоров бигэргэтэр. “Оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов (Саха тустуутун федерациятын бэрэсидьиэнэ) уурааҕынан, “оҕолорго тустууну өссө сайыннарыахха, кэҥэтиэххэ” диэн этиитинэн, Намнааҕы спортивнай оскуола икки салааҕа туһаайыллан үлэлээн саҕалаабыта аҕыйах сылтан орто. Биирэ – Петр Юмшанов аатынан тустууга оҕо спортивнай оскуолата, иккиһэ – Балаганский Юрий Сергеевич салалталаах оскуола. Инньэ гынан, биһиги чуолаан тустуу икки көрүҥүн чочуйан үөрэтэр буоллубут: греко-римскэй, көҥүл тустууга уолаттарга уонна кыргыттарга.
Намнааҕы оҕо спортивнай оскуола 23 үлэһиттээх. Үксүлэрэ, бэйэбит оскуолабытын бүтэрбит оҕолор, мин үөрэнээччилэрим үөрэнээччилэрэ кэлэн үлэлии-хамныы, айа-тута, үтүө түмүктэри аҕаларга кыһаллан үлэлии сылдьаллар.
Оҕо киһи хайаан даҕаны иллэҥ кэмигэр туһалааҕынан дьарыктаныахтаах, бэйэтигэр сөптөөх куруһуокка сылдьыахтаах. Эбии үөрэххэ сылдьыбыт уонна сылдьыбатах оҕолору тэҥнээн көрдөххө, олохторо, олоҕу көрүүлэрэ чыҥха атын буолар. Онон, төрөппүттэр оҕолоргутун хайаатар даҕаны эбии үөрэх кыһатыгар (музыкальнай, спорт оскуолалара, куруһуоктар) биэрэ сатаан диэн сүбэ курдук этэбин”, – диэн кэпсиир директор Борис Егоров.
Аҕыйах көрүҥ — бу хаачыстыба
Нам улууһугар кэлиҥҥи сылларга самбо, дзюдо, тхэквандо көрүҥнэрэ арыллан баран өр буолбакка сабылыннылар. Нэһилиэнньэ маннык көрүҥнэргэ, билигин даҕаны бары өттүнэн өссө да бэлэмэ суох. “Бу көрүҥнэри ситэ арыйбатылар. Манна аҕыйаҕа суох киһи үлэлэһэн көрдө. Үөрэтэр көрүҥүн үгэһин толору билиэххэ, баһылыахха наада. Ыллын да мээнэ тэрийбэккин.
Үгүс төрөппүт, баҕар, улууска элбэх көрүҥү арыйтаран сайыннарыан баҕарара буолуо. Мин тус санаам маннык, оҕолорбутун аҕыйах көрүҥҥэ, ол эрээри, хаачыстыбалаахтык дьарыктаан таһаарыахтаахпыт. Хас биирдии улуус үтүө үгэскэ кубулуйбут көрүҥнэрдээх буолар. Биһиги улууска – саха национальнай көрүҥнэрэ, тустуу, бокса, саахымат, дуобат буолаллар. Бу сүрүн көрүҥнэрбитин тутан илдьэ сылдьыахтаахпыт. Ону тэҥэ, хайаан даҕаны чэпчэки атлетика баар буолуохтаах. Үгүс көрүнньүк көрүҥү ылсан, эккирэтэн үлэлиир хайдах да табыллыбат.
Бу сыллар усталара тургутан көрдөххө, республикаҕа тустууга куруук үс иһигэр сылдьарбыт, боксаҕа куһаҕана суох көрдөрүүлэрдээх этибит. Саахымакка, дуобакка олох бастыҥнарынан аатырар буоларбыт. Ытыыга оҕолорго, Александр Тохтобин олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыта. Республикаҕа оскуола үөрэнээччилэрин спартакиадатыгар алта иһиттэн түспэт этибит. Оттон, маассабай оонньуу көрүҥнэригэр киин улуустар да, куораттар да урут даҕаны, билигин даҕаны күүстээхтэр.
Уруккуттан да этэбин, үөрэтэр баазабыт төһө да үчүгэйин иһин, биһиэхэ да мөлтөөһүн барбыта 3-4 сыл буолла. Ол түмүгэ быйыл оҕуста, кыра бөлөххө тустар уолаттарбыт мөлтөхтүк кытыннылар. Онон, биһиги итэҕэспитин билинэбит уонна ону көннөрөргө бары күүһү уурабыт», — диир Борис Егоров.
Саахыматы сөргүтүөххэ
— Саахымат, дуобат көрүҥнэрэ улууска таһыччы үчүгэй этэ. Ол курдук, Хатыҥ Арыы, Нам, Модут оскуолалара чаҕылхайдара, бары нэһилиэк да үчүгэйдик оонньуура, дьиҥнээх маассабай оонньооһун, дьэ онно этэ. Саха сирин кыайа-хото туппут саахыматчыт бэрдэ дьоммут бэйэлэрин кэннилэриттэн үлэлэрин салҕыыр ыччаты хаалларбатылар. Оннук буолла, билигин Намҥа саахымат көрүҥэ лаппа мөлтөөтө. Дуобат эмиэ түһүүгэ барда. Төһө да биирдиилээн үчүгэй дуобатчыттардаах, саахыматчыттардаах буолбуппут иһин, кэлэр сылларга бу салааҕа үлэлэспэтэхпитинэ, саахымат быста дьадайар суолга киирэн турар. Дуобакка, Нам улууһугар билиҥҥитэ, республиканскай оҕо спордун оскуолата күүстээх үлэлэри ыытар. Ол курдук, саахымакка сахалартан дьахталларга бастакы маастар, Виринея Кутукова курдук күүстээх оонньооччулаах улуус буоларбыт быһыытынан, маассабай саахыматтааһыны, дуобаттааһыны сөргүттэхпитинэ табыллар, кыбыстыыта бэрт.
Энтузиастары өрө тутуохха
«Оттон, маассабай оонньуу көрүҥнэригэр физкультура учууталлара күүскэ ылсан үлэлэһиэхтэрин наада. Бүгүҥҥү күҥҥэ “уруккута” диэн тылы элбэхтэ туттабын. Ол курдук, урут физкультура учууталлара олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыт кэмнээхтэрэ. Билиҥҥи эдэр дьоҥҥо холобур буолар, оччотооҕу бары нэһилиэк физкультурниктара энтузиаст да дьоннор эбит. Хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ туспа ааттаах-суоллаах, физкультура идэтин өрө туппут үтүө дьонноох. Олортон ойуччу миэстэҕэ турааччыларынан буолаллар – Нам улууһугар, республикаҕа киэҥник биллэр, ини-бии Степан Степанович, Александр Степанович Кириллиннэр. Спорду өрө туппут, утумнуур дьиэ кэргэн. Маннык хамсааһыннары иккистээн тилиннэрэн, сөргүтэр кэм кэллэ!”, – диэн кэпсиир Россия үтүөлээх тренерэ.
Олоҕун оҕо спордун сайдыытыгар уурбут Борис Прокопьевич кэтээн көрөөһүнүнэн, физкультура учууталлара (бары буолбатах), кырдьыгынан эттэххэ, үлэлиир таһымнара мөлтүү быһыытыйбыт. Ол курдук, улууска ыытыллар үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар түөрт көрүҥ киирэрин кини этэр. Бу кэмнэргэ республика таһымнаах спартакиада көрүҥэ – 12. Улуус спартакиадатыгар элбэх көрүҥү киллэрдэххэ, хайа физкультурник дьиҥ чахчы үлэлиирэ дьэҥкэ көстөн тахсыа. Чопчулаатахха, көрүҥнэр эбиллэллэригэр физкультурниктар туруорсуохтаахтара буолуо. Үлэҕэ кэллин, араас кэтэх санааны барытын аан аннараа өттүгэр хаалларыахтааххын.
“Кистээбэккэ эттэххэ, буолар мунньахтарга физкультура учууталлара тула кытаанах кэпсэтиилэр тахсааччылар, киҥир-хаҥыр саҥарсыы да ырааҕынан буолааччыта суох. Аһаҕастык ырытан, илдьиритэн, итэҕэстэри ылҕыырга үлэлэр ыытыллыахтаахтар, тоҕо мөлтөөтүбүт диэн ыйытыы туруорунуохтаахпыт. Баар итэҕэстэри барытын сирэй-сирэйгэ көрсөн этиэххэ, билиниэххэ, кырдьыгы истэргэ тулуйа үөрэниэххэ. Манан сиэттэрэн, намнар биир сомоҕо буоламмыт – оҕолору кытта үлэлэһэр тэрилтэлэр, учууталлар, тренердэр кыраттан буолан-хаалан өһүргэнэн турбакка, улуус хас биирдии оҕото сүүрэрин-көтөрүн, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, кыахтаах буоларыгар, үтүө түмүктэри көрдөрөрүгэр кыһаллыахтаахпыт. Маны хас биирдии спорт эйгэтигэр үлэлиир киһи ситиһиэхтээх. Ити курдук аныгы олох хаамыыта сайдыыны ирдиир. Бэйэ икки ардыгар киирсии, ордурҕаһыы, өһүргэнии үчүгэйгэ тиэрдибэтин өйдүөхтээхпит. Онон, тус бэйэбитин эрэ санаммакка, аат-суол тахсарын туһугар эрэ буолбакка, физкультурник, тренер дьон биир тылы буллахпытына табыллар. Бу туһугар, оҕо спордугар улахан болҕомто ууруллуон наада.
Баһылыкпыт Юрий Слепцов оҕо спордугар кэккэ итэҕэстэр баалларын өйдөөн, биһиги тэрилтэттэн саҕалаан мунньах ыытта. Санаабытын иһиттэ, биир тыл булбуппутуттан астынныбыт. Биһиги итэҕэстэрбитин туоратарга күүс-көмө, өйөбүл буоларыгар махтанабыт.
Оҕо кыра сааһыттан дьарыкка сыстыахтаах диэни биһириибин. Дьыссаакка сылдьан саахымакка, дуобакка, тустууга, ох саанан ытыыга сүрүн уруогун ылара туохтааҕар да көмөлөөх буолар.
Түмүккэ, манныкка тохтуохпун баҕарабын. Биһиэхэ баар көрүҥнэр үксэ уол оҕоҕо сөптөөхтөр. Атын улахан куораттарга курдук, кыргыттарбытыгар гимнастика, художественнай гимнастика оннук муҥутуу сайда илик. Фитнескэ сылдьар кыргыттары, дьахталлары өйүүбүн, хайҕыыбын. Кыргыттарбыт доруобуйалара чэгиэн буоларыгар сөптөөх куруһуоктары арыйан кэҥэтиэххэ. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, кыыс оҕо – омук анала (саха омугун анала). Киниттэн салҕанар доруобай, кэнэҕэски кэнчээри ыччат инникитэ. Нам улууһугар аҕыйах кыыс оҕо волейболга, чэпчэки атлетикаҕа сылдьара өссө да кыра”, – диэн түмүктүүр Борис Прокопьевич Егоров.
ЫСПЫРААПКА
Петр Юмшанов аатынан оҕо спортивнай оскуолата (ДЮСШ) балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1981 сыллаахха Саха республикатын үөрэҕириитин министиэристибэтин уурааҕынан аһыллыбыт. Быйыл оскуола үлэлээбитэ номнуо 40 сыла буолар. Бастакы директорынан Алексеев Семен Петрович үлэлээбит. Аан маҥнай улууска спортивнай оскуола баар буоларыгар, төрүттэнэригэр бары күүһүн уурбут киһинэн Саха республикатын үтүөлээх тренерэ, Алексеев Семен Федорович буоларын билиҥҥи салайааччы бэлиэтиир.
Ньурбаттан төрүттээх Борис Егоров 2001 сыллаахха директорынан ананаат, үлэ былаанын тосту уларытан, аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттиир саала тутан саҕалыыллар. Бары көрөн билэр оҕо спортивнай оскуола дьиэтин тутуута, аан маҥнай тренердэр, үлэһиттэр бэйэлэрин хара күүстэринэн, көҕүлээһиннэринэн саҕаламмыт. Спорт киһитэ ылынна да, тиһэҕэр тиийэ барар. Оччолорго саҥа баараҕай дьиэ дьэндэйэн тахсарыгар Ил Түмэн депутаттара, Нам улууһун дьаһалтата, бары салалтата, баһылыктар, тэрилтэлэр көмөлөрө улахан. Сааскы халаан уутугар сир-дойду таммаҕа үрэхтэргэ, өрүскэ түһэн, холбоһон модун күүс оҥорон барытын тоҕо солоон ааһарыгар диэри, үрүҥнүүн харалыын бары биир киһи курдук үлэлээбиттэрин оскуола коллектива олус истиҥник ахтан-санаан ааһар. Маны этэн эрдэхтэрэ, норуот күүһэ – көмүөл күүһэ.
Россия үтүөлээх тренерэ, улуус киэҥ туттар улуу спортсмена, Петр Юмшанов, оҕолор спортка сыһынныннар, төрөөбүт төрүт оскуолаларын ааттаттыннар диэн куруук күүс-көмө оҥороро элбэҕи этэр. Петр Петрович билигин Москва куоракка Российскай Федерация эдэр ыччаттыгар старшай тренеринэн үлэлиир.