Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар миллиард аҥаара үбү-харчыны көрүөхтэрэ

Саха сирин 62 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччитэ быйыл сайын өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна таһыгар баар лааҕырдарга сынньанар кыахтаннылар. Ити туһунан бүгүн үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччы Эдуард Кондратьев эттэ.


«Быйыл 678 тэрилтэ уопсайа 62 тыһ.100 оҕону сынньатыаҕа. Ураты улахан болҕомто олохторугар ыарахаттары көрсүбүт оҕолорго ууруллуоҕа», — диэтэ кини.

Барыллааһын ааҕыынан 548,2 мөл.солк. оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиигэ көрүлүннэ. Федеральнай киинтэн кэлэр көмө кээмэйэ төһө буолуо билигин быһаарылла турар. «Билиҥҥитэ 50 мөл.солк. суоттанабыт», — диэтэ Кондратьев.

Барыта 4 санаторнай-чэбдигирдэр, 45 куорат таһынааҕы стационарнай, 32 үлэ уонна сынньалаҥ, 71 баллаакка, 523 күнүскү лааҕырдара оҕолору сынньатыахтара.

Үөрэх министиэристибэтин чэрчитинэн 5 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөппүттэрин кытта сынньана барар кыахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ бюджетын суотугар Хара муораҕа 1000 оҕону, ол иһигэр Арктика уонна хоту улуустарыттан 350 оҕону сынньата ыытыахтара.

Мунньах кэмигэр предпринимательство миниистирэ Екатерина Кормилицына Саха сиригэр үөрэтэр туризм тэрээһиннэрин ыытарга этии киллэрдэ.

«Оҕону гражданскай-патриотическай тыыҥҥа иитиигэ бу суолтата улахан. Онуоха сөп түбэһиннэрэн элбэх эбийиэктэр үлэлиэхтэрэ», — диэтэ миниистир.

This post was published on 22.04.2016 14:46 14:46