22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕо саас Уон сылыгар туһуламмыт үлэ Саха сиригэр саҕаланна

09:36, 29 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
 Бу күннэргэ СӨ Ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ министиэристибэтэ Оҕо саас Уон сылыгар туһуламмыт тэрээһиннэри саҕалаата. Соторутааҕыта бу дьаһалга анаммыт символы оҥорууга биллэриллибит аһаҕас куонкурус түмүгэ таҕыста.

— Бу символы биһиги 2018-2027 сылларга дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Арассыыйаҕа биллэрбит Оҕо саас Уон сылыгар туһаайыллыбыт тэрээһиннэри ыытыыга туттуохпут. Аһаҕас куонкуруска Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Халыма, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Орто Халыма, Сунтарского, Уус Алдан улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 46 кыттааччыттан 64 үлэ киирдэ. Куонкурус хамыыһыйата быһаарбытынан, Нам улууһун Бөтүҥ оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Людмила Андросова кыайыылааҕынан таҕыста. Бу үлэ дьоллоох оҕо саас ис хоһоонун толору арыйар, — диэн бэлиэтиир миниистири солбуйааччы Савва Михайлов.

Оҕо саас Уон сылын арыйыыга бу күннэргэ улуустарга анал аахсыйалар ыытылла тураллар.

— Тохсунньу 30 күнүгэр күнүс 15 ч. Дьокуускайга Оҕо дыбарыаһыгар Оҕо саас Уон сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыахпыт. Бу тэрээһиҥҥэ улуустарынан аахсыйаҕа кыттыһан, видеосюжеттары ыытан эрэллэр. Улахан суолталаах тэрээһини ыытыыга биһиги «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын,  өрөспүүбүлүкэҕэ Дьахталлар сойуустарын тэрилтэлэрин, «Аҕалар лигалара» курдук бас-көс уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ тирэҕириэхпит, — диэн тэрээһин ис хоһоонун туһунан Савва Анатольевич санаатын үллэстэр.

Улуустартан киирбит видеоматырыйааллары Савва Михайлов тута ютубка киллэрэн иһэр. Ол курдук, аахсыйаҕа хотугу улуустартан хото кыттан эрэллэр эбит. Холобур, Дьааҥыттан Баатаҕай орто оскуолатыгар үөрэнэр араас омук оҕолоро Оҕо саас туһунан хоһооннору аахтылар. Орто Халыма оҕолоро куораттарын үбүлүөйэ буолара 205 күн хаалбытын туһунан кэпсээн туран, аахсыйаҕа эмиэ кыттыстылар. Өлөөн Эбэҥки национальнай улууһун оҕолоро эбээннии тылынан Оҕо сааска анаммыт Уон сылы айхаллаатылар. Ити  курдук, Мииринэйтэн, Уус Алдантан, Намтан оҕолор эҕэрдэ, уруй-айхал бастыҥын биллэрдилэр. Бу видеоматырыйааллары ютубка көрүөххэ сөп.

СӨ Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева Оҕо саас Уон сылыгар туох үлэ ыытыллара былааннанарын туһунан бу курдук кэпсээтэ:

— Оҕо саас Уон сылын ыытыыга туһуламмыт үлэ хайысхатын биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи Дьахталлар ХIV сийиэстэрин резолюциятыгар ылыммыппыт. Онно кыыс оҕо доруобуйатыгар, дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буолуутугар, ийэ саҥа төрөөбүт оҕотуттан аккаастаныытын бопсорго, онтон да атын оҕо дьылҕатыгар сыһыаннаах сытыы боппуруостарга болҕомтону күүһүрдэр туһунан анал былаһааккалар кэпсэтиилэриттэн ылыллыбыт этиилэри киллэрбиппит. 

Ааспыт сылга ахсынньыга буолбут Арассыыйа Дьахталларын Сойууһун кэмпириэнсийэтигэр Оҕо саас Уон сылыгар анаммыт боппуруоска регионнартан кэлбит Дьахталлар тэрилтэлэрин сойуустарын салайааччыларын кытта санаабытын эмиэ атастаспыппыт, бииргэ үлэлээһин тосхоллорун торумнаабыппыт. 

Оҕо саас Уон сылын чэрчитинэн быйыл улуустарынан командировкаларга сылдьан, бу улахан тэрээһини ыытыыга кыттыһыахпыт, араас бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэхпит. Бастакы оннук командировкабыт олунньу 10-15 күннэригэр Өлүөхүмэттэн саҕаланыаҕа. 

Аҕыйах хонугунан Дьокуускайга Саха сиригэр Оҕо саас уон сылын үөрүүлээх аһыллыыта буолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА