Оһоҕос уонна да атын ис уоргаҥҥа искэн баарын быһаарар рентген-аппараат үлэлиэҕэ

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһаҕа аныгы универсальнай ITALRAY CLINODIGIT рентген аппараат баар буолла.⠀Коронавирус пандемиятын охсуһуу чэрчитинэн Үүнэр көлүөнэ сыаллаах пуонда көмөтүнэн ылылынна, СИА-ҕа балыыһа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Аппараат рентгенографическай эрэ көрүүнү буолбакка, рентгеноскопическай чинчийиилэри эмиэ ыытар. Барыта сыыппара киэбинэн. Онон ыарыыны тута билиигэ түргэтээһин уонна элбэх киһини хабыы суоттанар.

Ортотунан күҥҥэ балыыһаҕа сытар 45 — 70 пациены көрүөн сөп.

Оһоҕоско уонна да атын ис уораннарга искэн үөскээбитин билиигэ рентген көмөтүн, чинчийии хайдах ыытылларын уонна пациеннар тустарынан лучевой диагностика салаатын сэбиэдиссэйэ Юлия Никифорова кэпсээтэ.

This post was published on 03.06.2020 16:01 16:01