Олунньу 12-18 күннэригэр Саха сиригэр оһоҕос-куртах трагын ыарыытын сэрэтии нэдиэлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин ыарыы үөскүүр сүрүн төрүөттэрин быһаарда.
— Бүтүн Арассыыйатааҕы диспансеризация түмүктэринэн, аһы буһарар органнар ыарыылара обургу оҕолор ыарыыларыгар иккис миэстэни ылар.
Ол сүрүн төрүөттэринэн буолаллар:
-Аһыырга эрэһиим тутуһуллубата;
-трансжирдарынан, саахарынан, кырааскалыыр биэссэстибэлэринэн уонна консерваннарынан баай бородуукталарынан аһааһын.
Куртах-оһоҕос трагын ыарыыларын сэрэтэргэ бэйэ доруобуйатыгар кыра эрдэхтэн кыһаныы улахан суолталаах.
Гиподинамия (элбэхтик хамсаммат турукка киирии) уонна фастфуд олус тарҕанан, куртах-оһоҕос ыарыылара “эдэримсийдилэр”.
Куртах-оһоҕос трагын харыстааһын – эһиги доруобуйаҕытыгар уонна олоххут хаачыстыбатыгар кыһамньынан буоларын умнумаҥ. Ыарыыта суох уһун уонна көхтөөх олоҕу олорорго билиҥҥиттэн кыһаллыҥ, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 13.02.2024 17:03 17:03