23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Оһоҕос-куртах ыарыытын сэрэтии нэдиэлэтэ саҕаланна

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньу 12-18 күннэригэр Саха сиригэр оһоҕос-куртах трагын ыарыытын  сэрэтии нэдиэлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэ доруобуйатын  уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин ыарыы үөскүүр сүрүн төрүөттэрин быһаарда.

— Бүтүн Арассыыйатааҕы  диспансеризация түмүктэринэн, аһы буһарар органнар ыарыылара обургу оҕолор ыарыыларыгар иккис миэстэни ылар.

Ол сүрүн төрүөттэринэн буолаллар:

-Аһыырга эрэһиим тутуһуллубата;

-трансжирдарынан, саахарынан, кырааскалыыр биэссэстибэлэринэн уонна консерваннарынан  баай бородуукталарынан аһааһын.

Куртах-оһоҕос трагын ыарыыларын сэрэтэргэ бэйэ доруобуйатыгар кыра эрдэхтэн кыһаныы улахан суолталаах.

Гиподинамия (элбэхтик хамсаммат турукка киирии) уонна фастфуд олус тарҕанан, куртах-оһоҕос ыарыылара “эдэримсийдилэр”.

Куртах-оһоҕос трагын харыстааһын – эһиги доруобуйаҕытыгар уонна олоххут хаачыстыбатыгар кыһамньынан буоларын умнумаҥ. Ыарыыта суох уһун уонна көхтөөх олоҕу олорорго билиҥҥиттэн кыһаллыҥ, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА