Муус устар 1 күнүттэн 2022 сылга социальнай төлөбүрдэргэ дьиэ кэргэн төһө наадыйарын сыаналыыр быраабылаларга уларыйыылар киириэхтэрэ. Үлэ министиэристибэтэ этэринэн, көмө төлөбүр ананар усулуобуйаларыгар элбэх уларыйыы тахсыаҕа: 3- тэн 7- гэр диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүргэ; хат дьахталларга ыйдааҕы төлөбүргэ, 8-тан 17- гэр диэри саастаах оҕолору соҕотох иитэр төрөппүттэргэ ыйдааҕы төлөбүргэ, диэн Арассыыйа хаһыата иһитиннэрэр.
Муус устартан саҥа быраабыланан дьиэ кэргэн дохуотун сыаналыырга арестаммыт дьиэни учуоттуохтара суоҕа (холобур, иэс иһин), ону тэҥэ, розыска биллэриллибит уонна арестаммыт тырааныспар баай-дуол курдук көрүллэн бүтүөҕэ. Биир кэлим көмө үбүн суотугар ылыллыбыт хамсаабат баай, массыына эмиэ учуоттаныахтара суоҕа. Сорох дохуоттар иннэ эмиэ киирсибэт буолуохтара. Чуолаан, тус сыаллаах үп (граннар, субсидия) бэйэ дьыалатын сайыннарыыга ылыллыбыт граннар; ийэ хапытаалыттан төлөммүт өҥөлөр (холобур, инбэлиит оҕолорго аналлаах өҥө төлөбүрүн компенсациялааһын эбэтэр олорор дьиэни саҥардыыга ороскуот компенсацията); нолуок вычеттара.
12 нэдиэлэ иннинэ да кэннинэ да хат сылдьар дьахталлар дохуота суохтарын бигэргэтэллэрэ наадата суох буолуоҕа. Эрдэ көмө төлөбүргэ аккаас кэлэ сылдьыбыт уболлаҕына, саҥа быраабыла олоххо киирбитин кэнниттэн хаттаан биэриэххэ сөп.
This post was published on 03.02.2022 19:01 19:01