Оҕоҕо 10 000 солк суумалаах биир кэмнээх төлөбүргэ сайаапканы биэрии

Россия Минкомсибээһэ иһитиннэрбитинэн, posobie16.gosuslugi.ru саайтка 3 — 16 саастаах оҕолорго 10 000 солк суумалаах биир кэмнээх төлөбүрү ылыыга сайаапка биэриэххэ сөп.


РФ Президенэ Владимир Путин ыйааҕын кэннэ тута бу өҥөнү оҥорууга саайт арылынна.  Докумуоҥҥа олоҕуран, төлөбүр 2020 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн оҥоһуллан барар. Россия 3 — 16 саастаах гражданнарыгар бэриллэр.

Докумуону 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри posobie16.gosuslugi.ru туталлар.

This post was published on 13.05.2020 13:56 13:56