Оҕо өлүүтүгэр үксүгэр төрөппүт буруйдаах

Статистика көрдөрүүтүнэн, оҕо бырааба кэһиллиитигэр, оҕо суорума суолланыытыгар үксүгэр төрөппүттэр буруйдаахтар. Арассыыйаҕа төрөппүттэр буруйдарынан сыл аайы тыһыынчанан оҕо суорума суолланар.


Бииригэр диэри саастаах оҕолор дьиэҕэ-уокка өлүүлэрэ, хомойуох иһин, элбии турар. Соторутааҕыта Тааттаҕа ийэ эппиэтинэһэ суох быһыытыттан 1,5 саастаах оҕо өлүүтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун аймаата.

Оҕо быраастара төрөппүт буруйунан оҕо өлүүтэ куоракка да, тыа да сирдэригэр тэҥинэн тахса турарын бэлиэтииллэр. Маныаха киһи уйулҕатын хамсатар төһө баҕарар холобуру аҕала туруохха сөп. Холобур, биир улууска ийэ дьиэтигэр хатаан барбыт кырачааннара тыыннаахтыы умайбыттар, атын улууска итирик аҕа утуйа сытан оҕотун хам баттаан өлөрбүт. Биир түбэлтэҕэ төрөппүттэр түүҥҥү арыгылааһыннарын кэнниттэн эбээлэрэ кэлэн, икки ыйдаах сиэнэ өлө сытарын булаахтыыр… Төрөппүттэр арыгылааһыннарыттан сылтаан баһаардар, суолга быһылааннар тахсыылара, оҕолор уокка сиэтиилэрэ, төрөппүтэр оҕолорун тууйан өлөрүүлэрэ эмчиттэр хомолтолоох статистикаларыгар тиһиллэ сылдьар.

Быйыл аҥаардас тоҕус ый иһигэр: Дьокуускайга –  5, Ньурбаҕа – 2, Алдан, Амма, Кэбээйи, Муома уонна Нерюнгри оройуоннарыгар биирдии кырачаан тыына быһынна.

Күн сирин саҥа көрбүт кырачаан өлүүтүгэр ким буруйдааҕый? Биллэн турар, төрөппүт диэхпит. Оҕону өлүүгэ тириэрдэр буоллахпытына, ама саҥардыы күн сирин көрбүт кырачааннар олохторо сыаналаммат буолла дуо?

Дьиҥэр, быһылаан, алдьархай тахсарын сэрэтиэххэ сөбө. Тоҕо диэтэххэ, оҕо өлүүлээх быһылааннар үксүгэр нус-хас олоҕо суох, ускул-тэскил сылдьар олохтоох төрөппүттэртэн тахсаллар. Оттон кинилэр ыаллара, төрөппүттэрэ, аймахтара, чугас дьоно хайаан аттыларыгар суох буолуохтарай? Арай эрэ социальнай сулууспаларга, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга, эмчиттэргэ сэлээнниибит дуо?

Ол да иһин, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бэйэтин сулууспатын үлэһиттэрин – оҕо быраастарын, акушердары, дьиэҕэ сылдьар сиэстэрэлэри дьиэ кэргэттэри кытары тиһиктээхтик ыкса ылсан үлэлииллэригэр, оҕо төрүүрүгэр төрөппүттэри бэлэмнииллэригэр, төрөппүт эппиэтинэһин өйдөтөргө үлэни ыыталларыгар ыҥырда.

Кырдьыга да, төрөппүт оҕотугар кыһамньыта суоҕун уонна харыстабыллаахтык сыһыаннаспатын биллэххэ, тута миэрэ ыллахха эрэ, хомолтолоох түбэлтэлэр тахсыахтара суоҕа.

Юрий Баишев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат, физическэй култуура уонна спорт дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

2016 сыл кулун тутар 14 күнүгэр СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) ХХI уочараттаах пленарнай мунньаҕар «Төрөппүт эппиэтинэһин туһунан» («Ответственное родительство») өрөспүүбүлүкэ сокуонун ылыммыппыт. СӨ бырабыыталыстыбата көҕүлээбит сокуонугар төрөппүт бырааба, сокуону кэстэҕинэ холуобунай эппиэтинэскэ тардыллара уо.д.а. барыта этиллэ сылдьар. Бу сокуон – төрөппүт быраабын, эппиэтинэһин тоһоҕолоон уонна чопчулаан түмэн оҥоһуллубут сокуон. Төрөппүт буруйунан оҕо өлүүтэ тахсар түбэлтэтигэр кини хайаан да сокуонунан эппиэттиэхтээх. Оҕо көмүскэлигэр үлэлиир туһааннаах тэрилтэлэр арыгыны иһэртэн туттуммат төрөппүттэргэ ону өйдөтүөхтээхтэр. Уопсайынан, биһиги нэһилиэнньэни кытары ситэри үлэлээбэппит. Оҕо көмүскэлэ – төрөппүт, оскуола үлэтэ эрэ буолуо суохтаах. Оҕо туһугар хас биирдии киһи эппиэтинэһи сүгүөхтээх.

Валентина Кузьмина, психотерапевт, «Чөл олохтоох Арассыыйа» хамсааһын актыбыыһа:

Аҥаардас Тааттаҕа 1,5 саастаах оҕо өлүүтүн да ыллахха, эмиэ арыгылааһыны кытары сибээстээх хомолтолоох түбэлтэ.

Оҕо өлүүтэ үксүгэр төрөппүт, тулалыыр дьон аахайымтыата суох уонна өйдөспөт быһыыларыттан тахсар. Дьиҥэр, арыгыһыт дьон тулалыыр дьоҥҥо олус кутталлаахтар. Тоҕо диэтэххэ, үксүгэр кинилэр туохха да улахан эппиэтинэһи ылымматтар уонна ардыгар уйулҕалара кэһиллиилээх буолар. Ийэ-аҕа бэйэлэригэр уонна оҕолоругар куттала суох эйгэни оҥоруохтаахтар. Төрөппүт буруйуттан сылтаан оҕо өлүүтүттэн ордук ийэҕэ-аҕаҕа туох ыар буруй баар буолуой?

Кылаабынайа, төрөппүттэри кытары үлэ күүскэ барыахтаах. Соторутааҕыта Горнай уонна Нам улуустарыгар үлэлээтибит. Үлэбит түмүгэр, арыгылааһын иэдээни эрэ оҥорорун туһунан нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтин күүскэ тарҕатыахха, научнай информацияларынан хааччыйыахха наадатын өссө төгүл итэҕэйдибит.

Хомолтолоох түбэлтэлэр тахса турууларын төрүөтэ арыгылааһынтан эрэ буолбатаҕын билэбит. Бу улуустарга уон күннээх күнүскү куурустары ыыттыбыт. Арыгыһыт эр дьон кэргэттэрин кытары туспа кэпсэттибит. Исписэлиистэргэ, учууталларга, эмчиттэргэ уонна актыбыыстарга анал бырагыраамаларынан үлэлээтибит. Онон куһаҕан дьаллыктары утары, ону кытары сибээстээх алдьархай тахсыбатын туһугар бары күүспүтүн түмүөхтээхпит.

This post was published on 22.11.2016 19:30 19:30