РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үрдүк уонна идэлээх үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр оҕо күүтэр дьахталлар босуобуйаларын тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри улаатыннарар туһунан сокуоҥҥа илии баттаата, диэн быраап иһитиннэриитин официальнай портаала суруйда, Саха сирэ саайт.
Докумуон идэлээх үөрэх тэрилтэлэригэр, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр, эбии идэлээх үөрэх уонна билим тэрилтэлэригэр күнүскү салааҕа үөрэнэр дьахталлар хат буолууга уонна оҕолонууга босуобуйаларын кээмэйин улаатыннарар сыалтан оҥоһулунна.
Сокуон бу босуобуйаны дьахтар олорор сиринэн РФ субъектарыгар олохтоммут, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин саҕа улаатыннарар. Сокуон бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр.
This post was published on 25.07.2025 16:09 16:09