Үөрбүт-көппүт, дьолломмут төрөппүттэри доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Надежда Федорова уонна үлэ, социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эҕэрдэлээтилэр.
— Бүгүн Перинатальнай киинтэн аҕыс элбэх оҕолоох ийэ таҕыста, кинилэртэн биирдэстэрэ сэттэ оҕолоох. Бары ийэлэр «100 сыл оҕолоро» хапытаал сэртипикээтин туттулар. Бастакы оҕолорун төрөөбүт ийэлэр биирдэ бэриллэр харчынан төлөбүрү, иккис оҕоломмуттар Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын сэртипикээтин, үһүс оҕоломмуттар «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сэртипикээтин уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун иҥэрэр туһунан дастабырыанньаны, түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттулар. Быйылгыттан бэрэсидьиэн ыйааҕынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эбии көмө миэрэлэрэ киирбиттэрэ — үөрэнээччилэр босхо аһылыктара, хомунаалынай өҥөҕө чэпчэтии, уо.д.а., — диэн Елена Теплякова кэпсээтэ.
Төрөппүттэр, чугас дьонноро дьолломмут сирэйдэрин-харахтарын көрөр саҕа үчүгэй суох. Саҥа төрөөбүт оҕо сыта дьиэ иһин минньитэр, сырдатар, тапталынан толорор.