Ил Түмэн XVIII (уочарата суох) дистанционнай пленарнай мунньаҕар тулаайах оҕолорго, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорго уонна эпиэкэҕэ эбэтэр иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ баар оҕолорго төлөбүр кээмэйин уонна төлөөһүн бэрээдэгин туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыы киллэрэр туһунан сокуон барылын бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
Сокуонунан иитэ ылбыт төрөппүттэргэ уонна патронат иитээччилэргэ ыйдааҕы төлөбүрдэрэ индексацияланыахтара.
Төлөбүр кээмэйэ 2020 сылга 10 бырыһыан үрдэтиллэр уонна кэлэр сылларга индексацияланар буолар. Ол курдук иитэ ылбыт төрөппүккэ биир оҕоҕо төлөбүр 8250 солк. кыччыгыйа суох буолар. Бу кээмэй оҕо сааһыттан, доруобуйатын туругуттан көрөн коэффициенынан үрдэтиллэр.
Билигин Саха сиригэр оҕо иитэр 225 дьиэ кэргэн уонна 637 тулаайах оҕону, төрөппүттэрин көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору көрөр-харайар үс патронат ыал баар.
This post was published on 23.06.2020 13:04 13:04