Саха сиригэр сезон саҕаланыаҕыттан 131 киһи клещкэ ытыттарда, онтон 21 оҕо. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн, анализ түмүгүнэн түөрт клещкэ боррелиоз ыарыыны буллулар уонна биир клещ энцефалиттаах. Оҕону клещ ыстааһыныттан хайдах харыстыахха сөбүн оҕо бырааҺа Василиса Анисимова СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Клещ ыстааһына Саха сиригэр кэлиҥҥи кэмҥэ элбээтэ, онон элбэх төрөппүт оҕотун харыстыыр сыалтан эрдэттэн клещ энцефалитыттан быһыы оҥотторор. Маныаха, бу быһыы иккитэ бэриллэр ол кэннэ, иммунитет 20-30 хонугунан биирдэ үөскүүр, онон быһыы ыларга саамай табыгастаах кэм күһүн-саас. Билигин аты куоракка сынньана барааччылар бу быһыыны бары ыла сатыыллар, сорох өрөспүүбүлүкэ таһынааҕы лааҕырдарга эмиэ ирдэнэр. Быһыы ылбыккын кэннэ биир сылынан эмиэ хат ревакцинация ылыах тустааххын, ол кэннэ иммунитет олоҕурар. Инньэ гынан 3 сыл буола буола, баар иммунитеты өйүүр сыаллаах ылыахха сөп», — диэн оҕо бырааһа Василиса Анисимова бэлиэтээтэ.
Ленскэй оройуонугар клещ дьону 49 ытырда, Алдаҥҥа – 31, Өлүөхүмэҕэ – 18, Нерюнгрига – 16, Дьокуускайга – 7, Мэҥэ Хаҥаласка-3, Сунтаарга – 2, Үөһээ Бүлүүгэ, Мииринэйгэ, Тааттаҕа, Хаҥаласка уонна Чурапчыга биирдии түбэлтэ бэлиэтэннэ.
Боррелиоз ыарыыны тарҕатар клещтэри Мэҥэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннарыгар бэлиэтээтилэр, уонна биир энцефалиттаах клещ Мэҥэ Хаҥаласка бэлиэтэннэ. Маны таһынан, Мииринэй оройуонугар биир анализ «гранулоцитарный анаплазмоз человека» диэн түмүгү көрдөрдө. Бу улуустарга бары эмсэҕэлээбиттэри быраастар кэтээн көрө сылдьаллар.
Биэдэмистибэҕэ өссө төгүл клещтэр элбэх инфекционнай ыарыыны тарҕатар кутталлаахтарын санаттылар. Ол курдук, энцефалиттаах клещ киин ньиэрбэ систиэмэтин эчэтэр, онтон боррелиоз – сүһүөхтэри. Онон айылҕаҕа сэрэхтээхтик, бары миэрэни тутуһан сылдьарга ыҥыраллар.
This post was published on 14.06.2023 15:03 15:03