Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорууга биир кэлим стандарт баар буоларыгар этии киирдэ. Маннык сокуон барылын Госдуума сааскы сессия пленарнай мунньаҕар иккис ааҕыыга көрөр былааннаах, суруйар «Парламентская газета».
Эрдэ, муус устар 6 күнүгэр, депутаттар докумуону бастакы ааҕыыга ылыммыттара.
Сокуон барылыгар сөп түбэһиннэрэн, биир кэлим стандарты өҥө үс көрүҥэр киллэрэр баҕа баар:
— оҕо босуобуйатын анааһыҥҥа,
— сорох категориялаах гражданнарга олорор дьиэҕэ уонна коммунальнай өҥөҕө ороскуоттарыгар компенсацияҕа,
— төрөппүттэргэ (оҕо бэрэстэбиитэллэригэр) оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтигэр үөрэх бырагырааматын ааһыыга оҕону көрүүгэ-истиигэ компенсация.
Сиһилии https://ysia.ru/posobie-na-rebenka-i-kompensatsiyu-za-detsad-oformlyat-stanet-udobnee/
This post was published on 28.04.2022 15:01 15:01