Оҕо босуобуйатыгар эбии ааҕыы оҥороллор

Тохсунньу ый бастакы аҥарыгар Саха сиригэр 550 оҕо төрөөтө. Быйылгыттан дьиэ кэргэҥҥэ бастакы, иккис төрөөбүт оҕолорго ый аайы төлөбүр бэриллэр буолла. Ону тэҥэ ый аайы бэриллэр босуобуйа кээмэйэ 1,5 төгүл үрдээтэ.


Оҕо 16 сааһын туолуор диэри (үөрэнэр буоллаҕына, 18 сааһыгар диэри) ый аайы бэриллэр босуобуйаны тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ биэрэллэр.

Санатар буоллахха, оҕо ыйдааҕы босуобуйата соторутааҕыга диэри сааһынан арахсан 578–754 солкуобай, 2,0 коэффициеннаах оройуоннарга 682–891 солкуобай этэ.

Дьэ, төһө үрдээбит эбитий? Билигин оҕону сааһынан араарыы суох буолла, ону тэҥэ кыаммат ыаллары икки көрүҥҥэ араардылар: ыйдааҕы орто дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйин 0.30-1,0 ылар буоллаҕына, босуобуйа — 1035 солк., 2.0 коэффициеннаах оройуоннарга – 1218 солк. тэҥнэстэ. Оттон дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин үс гыммыттан (0,30) кыра дохуоттаах ыаллар: 1346 солкуобайы, 2.0 коэффициеннаах оройуоннарга – 1584 солк. ылар буолуохтара.

“Социальнай көмүскэл управлениелара билигин сайабылыанньалары ыла олороллор. Сайабылыанньаны муус устар 1 күнүгэр диэри биэрбит дьоҥҥо 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн эбии ааҕан биэрии (перерасчет) оҥоһуллар. Онон тиэтэйиҥ. Биһиги управлениеларбыт ахсынньыттан элбэх үлэни көрүстүлэр. Баҕар, кыайыахтара суоҕа дии санаабыппыт эрээри, барытын ситэрэн иһэллэр”, — диэн СӨ Үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Александр Михеев иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо ыйдааҕы босуобуйатын 102 тыһыынча киһи ылар.

This post was published on 22.01.2018 16:16 16:16