Оҕо аймах кутун туппут «Бэлэм буол» - «Кэскил» хаһыат 80 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн уратытык бэлиэтээтэ

Бэҕэһээ, ыам ыйын 16 күнүгэр, Пушкин аатынан Национальнай библиотека историческай саалатыгар, «Бэлэм буол» хаһыат аан бастакы нуэмэрэ тахсыбытын 80 сыллаах улахан үбүлүөйүн, Кэскил оҕо издательствота, «Кэскил” хаһыат редакцията бэрт уратытык бэлиэтээтэ.


Ол курдук, бу кун дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн бырааһынньыга бэлиэтэнэр. Онон, бу икки бэлиэ тугэни дьүөрэлээн «Кэскиллэр» «Ааҕар дьиэ кэргэн» диэн күрэххэ, бэриниилээх, бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэри түмтүлэр.

Тэрээһин «Бэлэм буол», «Кэскил» хаһыаттар уһун сылларга мунньуллубут подшипкаларынан быыстапкаттан саҕаланна. Оҕо-аймахха, дьиэ -кэргэҥҥэ аналлаах «Кэскил» хаһыат редакциятыгар оҕо интэриэһин тардар, талааннаах суруналыыстар, автордаан таһааттарбыт кинигэлэрин быыстапката үгус ыалдьыт сэҥээритин ылла. Итини таһынан, республикаҕа биллэр спортивнай комментатор, редакция биир тутаах улэһитэ А.В.Васильев-Көрдүгэн 6000 значок коллекциятын туруорбута, дьон болҕомтотун тарта.

80 сыл устата «Бэлэм буол», «Кэскил» хаһыат иитэн-үөрэтэн таһаарбыт эдэр корреспонденнарын ааттарыттан, РФ Пенсионнай Фондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющейа Георгий Степанов кэлэн, мустубут ыалдьыттары, хаһыат бары улэһиттэрин эҕэрдэлээтэ.Кини оскуолаҕа уэрэнэр сылларыгар, «Бэлэм буол» ыыппыт курэхтэригэр көхтөөхтүк кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн, «Орленок» лааҕырга сынньанар дьолломмутун туһунан махтана кэпсээтэ уонна «Кэскил» хаһыаты дьиэ кэргэнинэн ааҕар буоллахха, оҕо ураты, киэн көрүүлээх буолан тахсарыгар улахан оруоллааҕын бэлиэтээн эттэ. Кылаабынай редакторы солбуйааччы Анисия Иевлева мустубут дьоҥҥо хаһыат историятын билиһиннэрдэ.

Дьэ, ол кэнниттэн, «Ааҕар дьиэ кэргэн» 4 түһүмэҕинэн ыытылынна. Уопсайа 14 ыал кыттыыны ылла. «Кэскил» хаһыат бэриниилээх сурутааччылара, ааҕааччылара хаһыат историятыттан, саха, нуучча, омук литератураларыттан араас ыйытыыларга хоруйдаатылар, редакция ыыппыт экспедицияларыттан, акцияларыттан, конкурстарыттан ааҕан билбиттэрин, мустубут дьон дьүүлүгэр таһаардылар.

Тумуккэ, Дьокуускай куорат 17-с №-дээх оскуолатын аатыттан кыттыбыт Ивановтар дьиэ кэргэн -1 м., Николаевтар (14-с оскуола) -2 м., Иннокентьевтар ( 12-с оскуола) -3 м. тахсаннар, сыаналаах кинигэлэринэн, «Кэскил» хаһыат логотиптаах кружкаларынан, футболкаларынан наҕараадаланнылар.

Бу тэрээһин тумугунэн, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо издательствотын директора А.Е.Андреева уонна Национальнай библиотека, директоры солбуйааччы О.И.Афанасьева бииргэ улэлэһии дуогабарыгар илии баттастылар.

Саха биллиилээх поэта А.Г.Кудрин-Абаҕыыныскай, Г,П.Тихонов, народнай поэт В.М.Новиков-Куннук Уурастыырап, С.Р.Кулачиков-Эллэй, оҕо талааннаах суруйааччыта Н.К.Седалищев, республика историятыгар чаҕылхай суолу-ииһи хаалларбыт С.А.Курчатова, народнай суруйааччы Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа, СР Суруналыыстыкаҕа Государственнай Бириэмийэтин лауреата Н.И.Протопопова курдук ытыктанар дьон өр сылларга иилээн-салайан аҕалбыт «Бэлэм буол», «Кэскил» хаһыаттара инникитин даҕаны ааҕааччыта элбээн, сайдан, кэҥээн иһэригэр баҕарабыт.

This post was published on 17.05.2016 14:32 14:32