Оҥхойго оскуоланы уонна оҕо саадын холбоон, саҥа комплексы тутуохтара

Кулун тутар ыйга 85 сылын бэлиэтиир 9 кылаастаах оскуоланы «Чэчир» оҕо саадын кытары холбоон, «Детская школа будущего» диэн ааттаан, комплекс оҥорор былааннаахтарын нэһилиэк баһылыга Герман Отов олохтоохторго иһитиннэрдэ.

Быйылгы үөрэх дьылыттан директорынан саҥа ананан үлэлээн эрэр Василий Константинов бырайыагынан тутуу 2018 сылтан саҕаланыахтаах. Ол туһунан бастакы сүбэлэһии мунньах боротокуолунан бигэргэннэ.

Маннык бырайыагы республика 5 улууһугар саҕалыырдыы оскуолалар директордара ылсан эрэллэр.

This post was published on 01.02.2016 11:22 11:22