23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Оҥхойго элбэх функциялаах киин үлэтин олунньу 10 күнүттэн саҕалыаҕа

17:03, 03 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгэр олунньу 10 күнүгэр өр күүппүт эбийиэктэрэ үлэтин саҕалыаҕа. Саҥа тутуу «Үтүө дьыала» хамсааһынынан норуот үбүлээһининэн ситтэ диэн, тутуу министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Саҥа тутууга спортивнай саала, 100 миэстэлээх көрөөччү саалата, библиотека, нэһилиэк дьаһалтата, уопсастыбаннай тэрилтэлэр түмсэр сирдэрэ уонна бэтэринээр кабинета баар буолуоҕа.

Спортивнай саалаҕа оскуола оҕолорун физкультуралара буолуоҕа, волейболга, баскетболга, сүүрүүгэ уонна хапсаҕайга дьарыктаныан баҕалаахтарга секциялар үлэлиэхтэрэ.

Эбийиэк нэһилиэнньэ күүһүнэн 2014 сыллаахтан тутуута саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 17 125,0 тыһ. солк көрүллүбүтэ, эбии олохтоох бюджет харчы анаабыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА