А.С.Пушкин аатынан Нуучча академическай театра Кыайыы күнүн көрсө ыам ыйын 7 күнүгэр «Два берега одной Победы» саҥа испэктээкили көрдөрдө.
Суруйааччы Владимир Федоров айымньытынан туруоруллубут испэктээкилгэ «Аляска-Сибиир» салгын трассатын, хорсун летчиктарын туһунан көрдөрүллэр. Сэбиэскэй Сойуус уонна Америка икки ардыгар үөскээбит оччотооҕу балаһыанньаны сэргэ, дьоруойдар олохторо, тапталлара уонна хорсун быһыылара тэҥинэн арыллар буолан, көрөөччү интэриэһин тарта.
Испэктээкил режиссера – Андрей Борисов, туруорааччы-худуоһунньук– Михаил Егоров, көстүүмнэр уруһуйдьуттара – Сардаана Федотова, музыкатын таҥна – Виктор Климин.
Испэктээкил сүрүн дьоруойун – капитан, Сэбиэскэй Сойуус үс төгүллээх дьоруойа, 16-с гвардейскай авиаполк хамандыыра Александр Покрышкины артыыс Степан Березовскай итэҕэтиилээхтик оонньоото. Атын оруолларга театр артыыстара Степан Федоренко, Валерий Тверитин, Владислав Мичурин, Александр Лобанов, Владимир Кропотов, Оксана Смеркалова, Евгения Адамчук, Ксения Кочнева, АГИКИ устудьуонката Елизавета Далбараева уо.д.а. оонньоотулар.
This post was published on 09.05.2016 16:46 16:46