«САТА-2023» театр бэстибээлин бастакы сүүмэрдиир көрдөрүүтэ Ньурбаҕа буолла. А.С. Пушкин аатынан нуучча драмтеатра «Академия смеха» испэктээги көрдөрдө.
Испэктээк театрга саҥа туруоруу кэриэтэ. Премьерата былырыын кулун тутарга буолбута. Режиссёрунан Саха сирин үтүөлээх артыыһа Владислав Мичурин үлэлээтэ. Пьеса ааптара — японскай драматург, сценарист, артыыс уонна режиссёр Коки Митани, тылбаас ааптара — Денис Лебедев.
Театр кэлэктиибэ Ньурбаҕа кулун тутар 28 күнүгэр айаннаабыта, сэттэ киһи састааптаах. Испэктээккэ икки артыыс оонньуур: Саха сирин үтүөлээх артыыһа Дмитрий Трофимов уонна Евгений Кузьмин.
«Ньурбаҕа бу хаһыс да сырыым, үөрүүнү кытта кэллим. Тупсубут. Ньурба саҥа театрыгар сылдьабыт, театр труппатыгар үөрүүбүтүн үллэстэбит. Үрдүк профессиональнай кэлэктиип саҥа дьиэлэммит», — диэтэ Дмитрий Трофимов.
«Академия смеха» кэмиэдьийэ быһыытынан бэйэтин биллэрдэ. Ити эрээри, бу бастатан туран, сытыы философскай история.
This post was published on 30.03.2023 14:27 14:27