«Ньургун Боотур» операны Саха сирин күннэригэр Санкт-Петербург уонна Москва куораттарга көрдөрүөхтэрэ. Бэлэмнэниигэ 300 артыыс кытынна: Опера уонна балет тыйаатырын сүрүн солистара, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, «Виртуозы Якутии» ансаамбыл, балет бөлөҕө, хор уонна өрөспүүбүлүкэ Филармониятын симфоническай оркестра, суруйар СИА.
Сэтинньи 16 күнүгэр опера генеральнай репетицията буолла, таҥастарын-саптарын кэтэн, декорацияларын туруоран, Санкт-Петербург куоракка барардыы бэлэмнэннилэр.
Испэктээх ааптара, опера туруорааччы-режиссёра Андрей Борисов эппитинэн, саҥа версияҕа Саха сирин аксакаалларын таһынан, эдэр кэскиллээх артыыстар кытталлар. «Опера сыанаҕа тахсыытын хас онус сылыгар, 1947 сыллаахтан, испэктээк саҥа трактовката оҥоһуллар. Саха АССР 100 сылыгар уонна Россия норуоттарын култуурнай нэһилиэстибэлэрин сылыгар биллэр артыыстар кыттыылаах туруорууну оҥордубут. «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо элбэх аан дойду мифологическай матыыптара бааллар, атын былыргы култууралары кытта алтыһыы баар. Онон сценографиятыгар скифскай, хуннскай, оннооҕор шумерскай искусстволар элеменнара киирдилэр», — диэтэ Андрей Борисов.
This post was published on 17.11.2022 11:33 11:33