Бу күннэргэ Ньурбаҕа «Сата» уонна «Марха» сирдэрин Саха өрөспүүбүлүкэтин ураты харыстанар сирдэрин ахсааныгар киллэрэр сыаллаах нэһилиэнньэ ортотугар истии ыытылынна.
Мунньахха барыта 70-ча киһи кыттыыны ылла. Ааспыт истиигэ бу резерваттар тустарынан ХИФУ хотугу прикладной экологияҕа научнай-чинчийэр институтун үлэһиттэрэ чинчийбит үлэлэрин түмүгүн нэһилиэнньэ ортотугар иһитиннэрбиттэрэ. Бу сырыыга онно киирбит этиилэртэн «Сата уонна «Марха» ресурснай резерваттар балаһыанньаларын сорох пууннарыгар эбии уларыйыы киирбитин билиһиннэрдилэр. Истии кыттыылаахтара нуорма-быраап докумуонун ылыныыга биир санааннан куоластаатылар. Онон бу оҥоһуллубут докумуоннэр айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр бигэргэннэхтэринэ, Ньурба улууһугар өссө икки Эркээйи сир эбиллиэ.
This post was published on 02.09.2016 11:02 11:02