Ньурба улууһугар барыта 16839 төбө сүөһүттэн ыанньыга 5402, маны таһынан 6208 биэ, 13311 сылгы кыһыны этэҥҥэ кыстаан күөх сайыҥҥа үктэннэ. Бу туһунан «Ньурба оройуона» муниципальнай тэриллии пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Окко күргүөмүнэн киирии от ыйын 12 күнүттэн былааннанар. Ол эрээри халлаан бэс ыйын бастакы аҥарыгар диэри тымныы турбут буолан, Ньурбаҕа от үүнүүтэ бытаан», — диэн сулууспа кэпсиир.
Быйыл төрүөх куһаҕана суох. Ол курдук 3825 ньирэй, 3119 кулун төрөөбүт.
Улууска быйыл үүккэ 4703 т, үрүҥ ас бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга 1567 т, арыыга 132 т сыллааҕы былаан тиэрдиллибит. 6 ый түмүгүнэн улуус үрдүнэн барыта 1411 т. үүт туттарыллыбыт, 512 т. үрүҥ ас араас көрүҥэ переработкаланан уонна 38 т. арыы оҥоһуллан нэһилиэнньэҕэ атыыга тахсыбыт.
Улуус үрдүнэн окко былаан 33 900, сенажка 1300, сиилэскэ 1000 т бэриллибит. Күн бүгүҥҥү туругунан, тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан 11 механизированнай звено уонна 120 бааһынай хаһаайыстыба күөх быйаҥы сомсо киирэргэ бэлэмнэнэр. Быйыл ыраах нэһилиэктэргэ отчуттары уматыгынан хааччыйыы үлэтэ кэмигэр барбыт буолан сөптөөх усулуобуйа олохтоммут.
This post was published on 04.07.2016 09:04 09:04