Ньурбалар 26,3% оттоннулар

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи оперативнай субуоккатынан улуус үрдүнэн барыта 8774 туонна от бэлэмнэннэ. Сезоннааҕы былаан туолуута 26,3%-ҥа тэҥнэстэ. Былырыын баччаҕа 13784 туонна от бэлэмнэммит. Бу туһунан https://www.instagram.com/p/CSEDaK0gQ3y/ суруйар. 


Ходуһаҕа күн бүгүн 1363 отчут үлэлиир, 619 тыраахтыр туһаныллар. Барыта 12185 гаа сир охсулунна. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар — 937 т, бааһынай хаһаайыстыбалар — 2702 т, көмөлтө хаһаайыстыбалар — 285 т уонна чааһынайдар — 4850 т оттоннулар.

Тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан «Күндээдэ» АУо — 410 т, «Чаппанда» СПК — 260 т, «Ньурба-Агро МТС» АУо — 125 т, Дьаарханнааҕы «Саһарҕа» ХЭТ — 50, «Хорула» СПК — 45 т, «Маар» табаарыстыба — 40 т уонна «Ньурбачаан» ТХПК — 7 т оттоохтор.

Нэһилиэктэргэ чааһынай ыаллар Аканаҕа — 250 т, Маалыкайга — 60 т, Дьиикимдэҕэ — 148 т, Үөдэйгэ — 350 т, Дьаархаҥҥа — 198 т, Хаҥаласка — 72 т, Күндээдэҕэ — 290 т, Малдьаҕарга уонна Өҥөлдьөҕө — 380-нуу т, Хатыыга — 82 т, Октябрьскай нэһилиэккэ — 150 т, Ньурбачааҥҥа — 70 т, Сүлэҕэ — 450 т, Таркаайы нэһилиэгэр — 200 т, Маарга — 350, Хорулаҕа — 580 т, Чаппандаҕа — 600 т уонна Чуукаарга — 240 т оттоннулар.

СӨ «Сири оҥоруу сулууспата» ГКУ агронома Павел Самсонов иһитиннэрэринэн, быйыл улууска окко балаһыанньа уустугунан сибээстээн 25 мобильнай биригээдэ тэриллибитэ. Кинилэр Ньурбачаан, Таркаайы, Акана, Үөдэй нэһилиэктэрин сирдэригэр, Антоновка утары өрүс уҥуор оттуу сылдьаллар. Дьаарханнааҕы «Саһарҕа» ХЭТ бэйэтин сирдэрин оттоон бүтэрдэҕинэ салгыы Чаппандаҕа кэлэн оттуохтаах.

«Отчуттар бары турунан үлэлии сылдаллар, — диир Павел Семенович. — Эрдэ хаһаайыстыбалар сүөһүгэ-сылгыга сөптөөх оту кыайан булуо суохпут диэн, ааҕынан- суоттанан баран улуус таһыттан 3043т оту атыылаһарга сайаапка киллэрбиттэрэ. Кэлин күөллэр уулара түһэн эҥин күүскэ оттоон, атыылаһар отторун кээмэйэ 2484 т диэри кыччаата. Бу бүтэһиктээх сыыппара буолбатах, халлаан салгыы туран эрэ биэрдэр, өссө оттоотохторуна хаһаайыстыбаларбыт атын улуустартан атыылаһар отторун кээмэйэ өссө аччыыр туруктаах».

This post was published on 03.08.2021 15:01 15:01