Ньурба улууhун үрдүнэн оттооhун былаана 61,9% туолла

Ньурба улууhун тыатын хаhаайыстыбатын департаменын субуоккатынан, атырдьах ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, улууска 22 077 га сиртэн барыта 20 723 тн от оттоммут. Онон 33 500 тн сыллааҕы былаан 61,9% туолбут.

Быйылгы оттооhун хампаанньатыгар ходуhаларга барыта 527 от звенота үлэлиир, ол иhигэр 46 механизированнай, 481 механизированнай аңаардаах, баларга 766 тыраахтар туттуллар. Отчут ахсаана – 2139 киhи.

Тэриллиилээх хаhаайыстыбалар ортолоругар «Чаппанда» СПК былаанын 90% толорон инники күѳңңэ сылдьар, ол эбэтэр 600 тн от былааннааҕыттан 540 тн бэлэмнээтэ. «Күндээдэ» АО былаана – 1000 тн, онтон 600 тн оттонно (60%). Оттон «Хорула» СПК ылыахтаах отторуттан билиңңитэ 83,5%, «Маар» ТнВ – 76,9%, «Ньурба — Агро МТС» АО – 73,3%, «Саhарҕа» ХЭО – 73,3% ыллылар. Оттон «Артыал», «Ньурбачаан» СХПК, «Байылыат» ХЭО мантан арыый намыhах кѳрдѳрүүлээхтэр.

Бааhынай хаhаайыстыбалар, ИП-лар ортолоругар Мэңэдьэк нэhилиэгин хоннохтоох отчуттара былааннарын куоhардылар: 185 тн от оннугар хайыы-үйэ 225 тн оту ылары ситистилэр. Маннык үчүгэй кѳрдѳрүү Хаңалас нэhилиэгэр эмиэ бэлиэтэнэр. Хаңаластар 104,5% кирбиини ыллылар: 155 тн оннугар 162 тн оттоннулар. Дьиикимдэ нэhилиэгэр былаан туолуута — 92%, Дьаархан нэhилиэгэр — 85%, Акана нэhилиэгэр – 79,2% буолла. Атыттарга 70-ча % уонна онтон намыhах кѳрдѳрүүлээхтэр. Мѳлтѳх сыыппаралары чуолаан эттэххэ, Бордоң нэhилиэгэр былаантан 27,6% эрэ оттоннулар. Саамай намыhах кѳрдѳрүү Үѳдэй нэhилиэгэр бэлиэтэнэр, о.э. 8,6%. ПХ-ры кѳрдѳххѳ, Хаңалас нэhилиэгэ былаана 142% аhара туолла. Сүлэ нэhилиэгэ 92% кирбиини ылла.

Кэтэх хаhаайыстыбаларга аҕыйах нэhилиэктэн ураты оттооhуңңа биир тэңник иhэллэр. Уопсай 18 594 тн оттуур былаан 61,6% туолла, о.э. 11 549 га сир охсуллан, 11 451 тн от бэлэмнэннэ. Ходуhаҕа 1640 киhи, 544 тыраахтар үлэлиир. Манна эмиэ хаңаластар бастаан иhэллэр, былааннарын 93% толордулар. Салгыы Хорула (85,4%), Күндээдэ (82,7%), Дьиикимдэ (82,3%) уо.д.а. иhэллэр.

Раиса Никифорова

Огни Нюрбы

This post was published on 18.08.2022 16:10 16:10