Ньурба улууһун оскуолалара 1,9 мөл солкуобай иэстээхтэр

Борокуратуура Ньурба улууһун үөрэх тэрилтэлэрэ урбаанньыттарга 1 мөлүйүөн 900 тыһыынча солкуобай төлүүр иэстээхтэрин бигэргэттэ.


“Ньурба оройуонун 31 үөрэх тэрилтэтэ эрдэ оҥоһуллубут өҥөлөргө урбаанньыттарга иэстээхтэрин бигэргэттэ. Холобур, 1 №-дээх Ньурбатааҕы орто оскуола “Бастион” ХЭТ-кэ 19751, 31 солкуобай иэстээх. Маны тэҥэ “Эконом-Энерго” ХЭТ-кэ – 15000, “Гарант” тэрилтэҕэ – 21910,84 солкуобай, “Ягуар Норд” ХЭТ ЧОП-ка -6400 солкуобай, — диэн борокуратуура пресс-релиһигэр суруллар.

Билиҥҥи туругунан, 1 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай иэһи саптылар.

This post was published on 12.03.2018 17:00 17:00