Ааспыт нэдиэлэҕэ Хаҥаласка саҥа хотон үөрүүлээхтик аһылынна. Аалай лиэнтэни улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, нэһилиэк баһылыга Серафим Винокуров уонна «Артыал» кэпэрэтиип салайааччыта Сардана Григорьева быһа кырыйдылар. Сахалыы сиэри-туому биллиилээх норуот эмчитэ уонна алгысчыта Алиса Иннокентева силигин ситэрдэ. Сардана Григорьева уонна «Артыал» кэпэрэтиип үлэһиттэрэ Ангелина Докторова, Сайыына Васильева, Рустам Индеев уона Михаил Яковлев улуус баһылыгын Махтал суругунан бэлиэтэннилэр.
Хаҥаласка саҥа хотон тутуутугар улуустан 8 мөл. солк. бэриллибитэ, онно эбии олохтоох «Артыал» кэпэрэтиип 1,6 мөл. солк. үбүнэн кыттыспыта. Хаҥаластар биир дойдулаахтара, урбаанньыт Василий Сергеевич Васильев салайааччылаах туту тэрилтэтэ бу эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрдэ. Барыта олохтоох уолаттар, биир дойдулаахтара үлэлээтилэр. Манна кэпэрэтиип сүөһүтэ уонна хотоҥҥо үлэлиир кэпэрэтиип чилиэннэрин сүөһүлэрэ — барыта 73 төбө сүөһү киирэн турар. Эһиил хаҥаластар манна сыһыары 150 миэстэлээх хотон тутарга былаанныыллар. Саҥа улахан хотон үлэҕэ киирдэҕинэ эмиэ уруккуларын курдук аҕам саастаах дьонтон уонна бүддьүөт үлэһиттэриттэн сүөһүлэрин ылан көрүөхтэрэ.
Улуус салалтата Хаҥалас нэһилиэгин кэпэрэтиибин холобурга сылдьар тирэх хаһаайыстыба гынарга былаанныыр. Онуоха нэһилиэк дьаһалтата уонна «Артыал» кэпэрэтиип биир ситимнээх, көдьүүстээх үлэлэрэ олук буолар. Нэһилиэктэргэ эмиэ итинник хабааннаах кэпэрэтииптэр тэриллэн маннык үлэ тэнийэн иһиэн наадата этилиннэ.
Бу кэнниттэн улуус баһылыга Алексей Иннокентьев Хаҥалас нэһилиэгин норуот айымньытын дьиэтигэр нэһилиэктэр баһылыктара кыттыылаах сүбэ мунньаҕы салайан ыытта. Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын дьүүллэстилэр, тыа хаһаайыстыбатыгар үчүгэйдик үлэлэһэ сылдьар нэһилиэктэр баһылыктара үлэлэрин уопутуттан үллэһиннилэр. Улуус салалтата нэһилиэктэр уратыларын учуоттаан, аҥардас сүөһү-сылгы иитиитинэн эрэ муҥурдаммакка, сири кытта үлэҕэ, түргэнник ситэр салааҕа уо.д.а. үлэ хайысхаларын тобулан, салгыы сайыннаран үлэлииллэригэр сыал-сорук туруорар.
Геннадий Антонов