Ньурба улууһун дьаһалтата бөлүүн сүөһүлэрэ өлбүт дьоҥҥо көмө оҥоруо. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бөлүүн балаһа тыаллаах, этиҥнээх ардах Ньурба улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр улахан хоромньуну таһаарда. Ол курдук провод кылгас тиксиһиитигэр барыта холбоон 11 сүөһү оҕустаран өллө. Манна биир ыал 3 төбөтө, биир ыал 2 төбөтө уонна биирдиилээн ыалтан сүөһүлэр эмсэҕэлээтилэр.
Билиҥҥи туругунан аакта оҥоһулла сылдьар, ПАО “Якутскэнерго” Ньурбатааҕы РЭС-кэ компенсация төлөтөргө сайабылыанньа сурулунна.
«Улуус дьаһалтата бу күүтүллүбэтэх түгэҥҥэ, биллэн турар, туора туран хаалыа суоҕа, өйөбүл, көмө оҥоһуллуо», — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эрдэ бу туһунан СИА манна суруйан турар https://sakha.ysia.ru/nurba-suntaar-uluustarygar-aaspyt-r-b-llerge-k-steeh-eti-neeh-ardahtar-araas-horomnunu-a-allylar/