Акана нэһилиэгин Чкалов учаастагар икки массыынанан 50 саха сүөһүтэ тиэллэн кэллэ. Ол иһигэр Амма Болугуруттан — 17, Горнай Маҕараһыттан — 15 уонна Нам Таастааҕыттан 18 сүөһү аҕалылынна. 20-тэ — ынар ынах, 20 тарбыйах, 8 субай уонна 2 атыыр оҕус. Сүөһүлэр айаны этэҥҥэ тулуйдулар. Аҕалыытын ороскуотун улуус уйунна.
Чкаловка сүөһүлэргэ анаан 100 миэстэлээх саҥа хотон тутулла турар, «Масстрой» ХЭТ биригээдэтэ онно үлэлиир. Сэтинньигэ саҥа хотон бүтэн үлэҕэ киириэхтээх. Онуоха диэри Акана нэһилиэгин баһылыга Ефрем Семенов көҕүлээһининэн нэһилиэнньэ турунан субуотунньуктаан эргэ хотону өрөмүөннээтэ, күрүө-хаһаа эмиэ оҥоһулунна. Субуотунньукка улуус дьаһалтатын, тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, кэккэ нэһилиэктэр ыччаттара эмиэ кыттыбыттара. Сүөһү аһылыгар 30 туонна от бэлэм, атыылаһыллар 100 туонна эмиэ баар.
Улуус салалтата Аканаттан 18 килэмиэтир тэйиччи аҕыйах киһилээх Чкалов учаастагын сөргүтэргэ, өрө тардарга санаммыта хас да сыл буолла. Чкаловка 30-ча киһи олорор. Иллэрээ сыллааҕыта үөрэнэр оҕото суох буолан начальнай оскуола тохтообута. 1 сыл кэтэһиннэрэн тохтотуллан баран, былырыын оҕолоох дьону булбакка сабыллыбыта. Улуус көмөтүнэн араас көмө ньымаларын толкуйдаан олоххо киллэрээри гыммыттара да, көһөн кэлэр баҕалаах дьон көстүбэтэҕэ. Уопсай дьиэ гынарга анаан дьиэ көһөрүллэн аҕалан көҥдөйө тутуллубута. Быйыл Аканаҕа диэри суоллара өрөмүөннэннэ, ууну аһардар 4 муоста оҥоһулунна.
Быйыл «Саха сүөһүтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хааһына тэрилтэтин (сал. Александр Артемьев) кытта улуус салалтата үлэлэһэн, бу тэрилтэ филиалын аһарга быһаарыллыбыта. Манна Аканаттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн бүддьүөт бэлиитикэтин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев өҥөтө улахан. Кини дойдутун дьонун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллан сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн бу дьыала ситиһиилээхтик олоххо киирдэ. Александр Артемьев эрдэ кэлэ сылдьан, Чкалов сирэ-дойдута олус киэҥин, үүнүүлээҕин биһирээбитэ, сүөһү иитэргэ кэскиллээх дойду диэн сыаналаан барбыта.
Онон Чкаловтан саҕалаан Ньурба улууһугар саха сүөһүтүн сөргүтэр үлэ саҕаланна. Миэстэтигэр 2 үлэһит булулунна. Өбүгэ саҕаттан саханы саха гыммыт олохтоох боруода сүөһүбүт ураты тулуурдааҕынан, талымаһа суоҕунан уонна үүтэ хойуутунан сураҕырар этэ. Уонунан сылларга элбэх үүт-эт туһугар улахан боруода сүөһүлэргэ үтүрүйтэрэн баран, хаттаан эргиллэн кэлбитин Ньурба дьоно биһирии-астына уонна уйадыйа көрүстүлэр.
«Саха сүөһүтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хааһына тэрилтэтин салайааччыта Александр Артемьев эппитинэн, салгыы бу үлэ ыытыллан саха сүөһүтүн ахсаанын 130-150 төбөҕө тиэрдэр сорук турар, суруйар Ньурба улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Источник: https://www.sakhaparliament.ru/sa/tya-sire/3221-2020-10-10-07-10-30
This post was published on 15.10.2020 18:01 18:01