11 Ыам ыйа 11.05
  • $ 80,86
  • 92,14

Ньурба улууһугар кыра саастаах оҕолорун кырбыыр идэлээх эр киһини сууттаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба оройуонун 33 саастаах олохтооҕун ойоҕун оҕолорун кырбыырын иһин усулуобунай болдьоххо анаатылар диэн регион прокуратурата иһитиннэрэр.

Эр киһи 2012, 2014 уонна 2017 с. төрүөх бэйэтин икки оҕотун уонна биир ойоҕун оҕотун кырбыыр идэлээх эбит. Кини кыра саастаах оҕолору кырбыыр кэмигэр, оҕолор ийэлэрэ, кини ойоҕо оҕолорун көмүскэһэр туһугар тугу да гымматах. Билигин оҕолору бу ыалтан былдьаан социальнай тэрилтэҕэ киллэрдилэр, төрөппүттэрин аҕа уонна ийэ быраабыттан быстылар.

Эр киһи суут 3 сылга усулуобунай болдьоххо көҥүлүн быста, мантан 6 ыйа тургутан көрүү буолуоҕа. Оҕолор ийэлэригэр төрөппүт эбээһинэһин толорбот буолуу иһин холуобунай дьыала тэрилиннэ.

Суут бириигэбэрэ сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова