Ньурба улууһугар йод эбииликтээх үүтү оҥорон саҕалаатылар

Ньурба улууһугар йод эбииликтээх үүтү оҥорон саҕалаатылар. Бу туһунан ulus.media суруйар.


Йодированнай белок эбииликтээх пастеризованнай үүт технологиятын АГАТУ ас технологиятын уонна индустриятын кафедрата Ньурба улууһун дьаһалтатын сакааһынан оҥорбут. Сонун үүтү йод итэҕэһин сэрэтэр сыаллаах иһиэххэ сөп.

Үүтү «Влада» ТХППК бэйэ үүтүттэн оҥорор.

Йодтаах үүт наадалаах лабораторнай чинчийиилэри, сертификацияны ааспыт.

This post was published on 17.02.2021 15:02 15:02