Ньурба улууһугар инбэлииттэр уопсастыбаларын дьиэтин бүддьүөт тэрилтэтин үлэһиттэрэ өрөмүөннээн биэрдилэр. Дьиэҕэ саҥа түннүктэр турдулар, бастакы этээс истиэнэтэ бөҕөргөннө. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Өрөмүөн үлэтэ от ыйыттан саҕаламмыт. Улуус дьаһалтата, Урбаанньыттары өйүүр киин, хамсаабат баай-дуол кэмититиэтэ, тутуу, спорт салаата, ыччат политикатын, култуура департамена, пенсионнай пуонда, дьарыктаах буолуу киинэ — барыта аҕыс тэрилтэ үлэһиттэрэ, үлэлэриттэн быыс булан, солбуһа сылдьан истиэнэтиттэн, муостатыттан саҕалаан түннүктэригэр тиийэ барытын саҥардан, уларытан, туруоран биэрдилэр. Икки этээстээх дьиэ өрөмүөнэ саҥардыллыбатаҕа хас даҕаны сыл буолбут.
Бу дьиэҕэ Ньурба улууһун доруобуйаларынан хааччахтаах араҥата өрүү мустан мунньахтары, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Александр Алексеев саҥардыллыбыт дьиэҕэ өссө дьаныһан туран үлэлиэхпит диэн, үөрүүтүн үллэстэр.
Улуус дьаһалтата, үтүө дьыала чэрчитинэн, туора туран хаалбакка, ыарахан кэмҥэ өрүү утары баран, илиитин уунар угэстээх. Бары биир дьиэ кэргэн курдук аҕыйах кэм иһигэр саба туһэн өссө биир үтүө дьыаланы тиһэҕэр тиэртилэр, дьон махталын ыллылар.
This post was published on 23.09.2020 11:01 11:01