Ньурба улууһугар икки саастаах оҕо олбуорга турар бассейнҥа түһэн өллө

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр кыра оҕо уонна эр киһи тимирэн өллүлэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи прокуратура иһитиннэрэр.

Ньурба оройуонун Сүүлэ нэһилиэгэр, 2021 сыллаах оҕо  олбуорга турар бассейнҥа түһэн өллө.

Биэдэмистибэҕэ чуолкайдаабыттарынан, быһылаан чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар. Чурапчы оройуонугар Аммаҕа өрүскэ сөтүөлүү сылдьан 1960 сыллаах эр киһи өллө. Тимирбит киһи өлүгүн буллулар.

Санатан эттэххэ, сайын саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 23 киһи ууга өллө. Өлбүт дьон ортотугар биэс оҕо баар. Үксүгэр дьон сөтүөлүүргэ анамматах сиргэ ууга киирэн суорума суолланар. Өрөбүлгэ, от ыйын 16 күнүгэр, 203- с микрооройуон таһыгар Өлүөнэ өрүскэ былдьаммыт 28 саастаах эр киһи өлүгүн булбуттара.

This post was published on 18.07.2023 11:05 11:05