Ньурба улууһугар хаар түһэр (хаартыска)

Былыр өбүгэлэрбит ыам ыйыгар түспүт хаар — быйаҥҥа диэччилэр. Онон Ньурба улууһун олохтоохторо быйыл өлгөм үүнүүлээх дьыл буоларыгар эрэнэллэр. Бүгүн, ыам ыйын 28 күнүгэр, дьон сарсыарда уһуктубута — сир маҥан хаарынан бүрүллүбүт.


Саха сиригэр Бүлүү бөлөх улуустарыгар уонна Арктика эргимтэтинэн талан хаар түстэ. Дьон айылҕа дьикти көстүүтүн сэргэхтик ылынна. Ньурбалар быйаҥнаах дьыл буолуоҕа диэтилэр.

Ити эрээри дьиктитэ — биир улуус иһигэр күдьүс хаар түспэтэ, талла.

Хаартыскалары «Ньурба» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ ыыттылар. Дьүһүйүү эбиэт иннинээҕи айылҕа кэмин көрдөрөр.

Акана

Дьаархан

Дьиикимдэ

Маалыкай

Мэҥэдьэк

Ньурба куората

Ньурбачаан

Сүлэ

Түмүк

Үөдэй

Чуукаар

This post was published on 28.05.2020 13:02 13:02