Ньурба тустуук оҕолоро "Боотурдар оонньууларыгар"ситиһиилээхтик кытыннылар

Балаҕан ыйын 11 к. Дьокуускайга уолаттарга аан дойдуга көҥүл тустууга биирдиилээн бастыыр иҺин күрэхтэһии кыайыылааҕа Илларион Георгиевич Федосеев бирииһигэр «Боотурдар оонньуулара» уолаттарга спортивнай тустуу өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ ыытылынна.


Ньурбатааҕы оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Александр Алексеев иҺитиннэрбитинэн, биҺиги улуустан 27 оҕону ыытан күрэхтэһиннэрбиттэр-

Оҕолорбут куһаҕана суохтук туҺуннулар, — диир Александр Прокопьевич. — Ааспыт үөрэх дьылыгар элбэх күрэхтэһиилэргэ кытыннарбыппыт уонна быйыл сайын аналлаах лааҕырга сырытыннарбыппыт көмөлөөх буолла дии саныыбын. 2003-2005 сыллардааҕы төрүөх уолаттарга Антипин Алеша 28 кг ыйааҺыҥҥа 2-с, Гаврильев Эдик 26 кг уонна Колесов Виктор 85 кг ыйааһыҥҥа 3-с миэстэ буоллулар. 1999-2000 сс. т. уолаттарга Тобонов Нюргун (26 кг) уонна Андреев Саша (120 кг) 2-с миэстэҕэ таҕыстылар, Никифоров Вася 50 кг ыйааһыҥҥа 3-с буолла.

Иккис күнүгэр греко-римскэй тустууга Андреев Саша(120 кг) 2-с, 35 кг ыйааһыҥҥа Тобонов Айсен уонна Васильев Ян3-с миэстэлэннилэр.»Боотурдар ооньуулара» оҕолорго улахан күрэхтэһии. Ити түмүгүнэн Саха сирин хамаандата сүүмэрдэнэн, Уһук Илин күрэхтэҺиитигэр Владивостокка бардылар. Онно 3 оҕобутун ыыттыбыт: Ян Васильевы, Тобонов Нюргуну уонна Никифоров Васяны. Кинилэрдиин тренер Сергей Анатольевич Румянцев барыста. Эдэр спортсменнар балаҕан ыйын 16-20 кк. дойдуларын спортивнай чиэһин көмүскүөхтэрэ.

Анапаҕа мас тардыһыытыгар Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр Ньурба улууһуттан 3 оҕо бардылар. Томскайга самбоҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга 2 оҕону ыыттыбыт. Бастаабыт оҕо Арассыыйаҕа кыттар путевканы ылар.

This post was published on 14.09.2016 10:15 10:15