Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама сирин инфраструктуратын хааччыйар өссө биир эбийиэк үлэҕэ киирдэ.
СӨ Бырабыыталыстыбатынан «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан көрүллүбүт сир учаастактарын инфраструктуранан хааччыйыыга үлэ барар. Сэтинньи 26 күнүгэр Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтигэр 740 м уһуннаах «Гектарга» киирии суол олоххо киирдэ. Суол 22 сир учаастагар тиийэр, онон гектардаахтар олохторун хаачыстыбата тупсарыгар улахан үлэ оҥоһулунна диэн тутуу министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Судаарыстыбаннай хантыраагынан манна трансформаторнай подстанциялар туруорулуннулар, уот линията тардылынна: ВЛ-10 кВ – 0,451 км, ВЛ-0,4 кВ- 2,266 км.
Тустаахтар сирдэрин учаастагар дьиэ туттар, хаһаайыстыба тэринэр, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга сири туһаҕа таһаарар былааннаахтар.
This post was published on 01.12.2020 18:02 18:02