“Ньурба оройуонугар бөдөҥ көрүҥнээх, ыйааһыннаах Мэгэдьэк боруода ураты сылгытын иитэллэр. Бу күннэргэ Маалыкайга уонна Хатыыга сылгы баазаларын арыйдылар. Бүгүн бу баазаларга 190-ча сылгы турар. “Саха сүөһүтэ” тэрилтэ өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэртэн биирдэстэрин Степан Васильев аатын сүгэр Ньурбатааҕы салаатыгар туһааннаах боруода 500 кэриҥэ сылгыта иитиллэр”, — диэтэ Айсен Николаев.
“Мэҥэдьэк” отделениетыгар түөрт звенолаах. Бу звенолар Бордоҥ, Малдьаҕар, Мэҥэдьэк, Малдьаҕар нэһилиэктэригэр бааллар. Итилэртэн биирдэстэрэ Маалыкайтан 4 км турар “Мондуку”. Манна сылгыһыттар дьиэни, гарааһы, баанньыгы, хаһааны туттулар.
Ону тэҥэ Хатыы сэлиэнньэтиттэн 40 км тэйиччи сиргэ “Дуолукаан” саҥа сылгы базатын ыччат сылгыга анаан арыйдылар.
2011 сыллаахха Мэҥэдьэк боруодатын “Селекция ситиһиилэрин чинчийиигэ уонна харыстааһыҥҥа Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай хамыыһыйата” тэрилтэ бигэргэппитэ. Бу боруоданы таһаарыыга Кузнецкайдааҕы сылгы дьоһун оруоллаах. 50-с сылларга Мэҥэдьэк боруода сылгыларга нуучча тяжеловозтарын хаанын холбообуттара.
“Саха сүөһүтэ” ГКП саха боруода сүөһүтүн үөскэтиигэ анаан 2019 с. Саха сирин баһылыгын Айсен Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бүгүн оройуоннарга хайы-үйэ 10 отделениелаах, суруйда Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 05.12.2024 17:06 17:06