Ньурба оройуонугар алтынньы бүтүүтэ оскуола-саад үлэҕэ киириэҕэ

Ньурба улууһун Чаппандатыгар 100/50 миэстэлээх оскуола-саад үлэҕэ киирэргэ бэлэм буолла. Билигин түмүктүүр бэрэбиэркэ ыытыллар. Эбийиэк «Развитие образования РС(Я) на 2020-2024 годы и на плановый период до 2026 года», «Содействие созданию новых мест в общеобразовательных организациях РС(Я)» бырагыраамаларынан тутуллар.

«Сэттэ» тутар хампаанньа икки этээстээх 100 миэстэлээх оскуолалаах, 50 миэстэлээх дьыссааттаах толору кэмпилиэктээх үөрэх эбийиэгин тутта. Оскуола кабинеттара миэбэлинэн, техническай оборудованиенан хааччыллыбыттар, актовай саала, 50 миэстэлээх аһыыр сир, медицинскай блок аныгы оборудованиелаах бааллар.

Дьыссаат миэбэлинэн толору хааччыллыбыт, тас таҥаһы устар сиргэ анал куурдар ыскааптаах, буфеттаах, таҥас сууйар уонна куурдар массыыналардаах прачечнайдаах.

«Хоруобуйаны күрүөлээһин бүтүөхтээх, охраннай-баһаарынай сигнализация ситэриллэр, тутуу бөҕө-саҕа ыраастанар. Сотору түмүктүүр бэрэбиэркэ буолар. Эбийиэги ый бүтүүтэ киллэрэбит үлэҕэ», — тутуу миниистирин бастакы солбуйааччыта Галина Новикова эттэ.

This post was published on 11.10.2022 11:28 11:28