Дойду Президенэ Владимир Путин нэһилиэнньэ пандемияттан улахан оҕустарыыта суох тахсарын туһугар саҥа стандартары олохтоото. Ньурба улууһугар маннык уустук кэмҥэ дьон социальнай көмүскэллээх буоларыгар анаан, өссө биир дьаһал толоруллар.
«Ньурба оройуона» МО дьаһалтата коронавирус инфекцията бүрүүкээтин кытта сэмэй дохуоттаах олохтоох дьонун социальнай хааччыйыыга быһаарыы ылыммыта. Ол курдук «Күндээдэ» агрофирмалыын сүбэлэһэн, 100 ньирэйи босхо түҥэтэргэ дьаһал тахсыбыта.
Бу күннэргэ сорох нэһилиэктэргэ ньирэйдэр тиийдилэр.
Иван Александрович Иванов, 4 оҕолоох Акана олохтооҕо:
— Элбэх оҕолоох ыалбыт. Сүөһүлэниэхпитин баҕарарабыт. Онон дьаһалтатаҕа сайаапка биэрбиппит. Билигин хамыыһыйаны ааһаммыт, буор босхо ньирэйдэннибит, мантыбытын сүөһү төрдө оҥоруохпут. Бэйэ хаамар баайа суох тыа сиригэр олоруу уустук. Бастаан хайдах ол сүөһүнү босхо түҥэтэллэрий диэбиппит, онтубут чахчы эбит. Оройуон салалтатыгар, «К;ндээдэ» агрофирмаҕа маннык улахан өйөбүл-көмө иһин махтанабыт.
Максим Нестерович, 5 оҕолоох Үөдэй ыала:
— «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн өс хоһоонун эт бэйэбитинэн биллибит. Мин санаабар, Ньурба оройуонун бюджета, «Күндээдэ» тэрилтэ үбэ-харчыта байҕалга тэҥнээх буолбатаҕа чуолкай. Дьаҥынан сылтаан былааннамматах ороскуот бөҕө тахсыбытын үрдүнэн, салалта боростуой үлэһит дьоҥҥо бу курдук көмө илиитин ууммута өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолуон сөп. Биһиэхэ биэс ыал ньирэйдэннэ, идэһэҕэ туттубаппыт, сүөһү гынабыт дииллэр. Биир өттүнэн аны атын хааннаах сүөһү кэлэн, хороҕор муостаахтарбыт туруктара, боруодалара тупсуоҕа.
Елена Саввинова, Хатыы нэһилиэгин дьаһалтата :
— Биһиэхэ аҕыс сайаапка киирдэ, хамыыһыйа биэс ыалы аһардыбыта. Нэһилиэнньэҕэ биһиэхэ биэрбэтилэр диэн хос саҥа суох, төттөрүтүн, маннык күчүмэҕэй күннэргэ 100 төбө ньирэйи босхо дьиҥ-чахчы кэскиллээҕи эрэ көрөр салалта биэрэр диэн толкуйдаахтар. Онон хатыылар ааттарыттан барҕа махтал буоллун. Биэс дьоммут бары элбэх оҕолоохтор, ньирэйдэри улаатыннаран сүөһү баайы тэнитиэхпит дэһэллэр.
Лилия Алексеева, Таркаайы нэһилиэгин дьаһалтатын т/х исписэлииһэ:
— Хатыҥ сыһыылар, киирэптэр биэс ньирэйгэ тиксэннэр, үөрүүлэрэ муҥура суох улахан. Сүөһү ииттиэн баҕалаахтарга эдэрдэр элбээн иһэллэр, урут наар кырдьаҕастар эрэ этэ дии. Мин толкуйбар, улууска сүөһү төбөтүн ахсаана түспэтигэр оройуон салалтата, «Күндээдэ» агрофирма дьоһун олугу уурдулар. Мантан тирэнэн эдэр ыаллар сүөһүлэнэн, элбэтэ олоруохтара, ол да иһин биһиги дьоммут бу көмөнү-өйөбүлү олус сыаналаатылар уонна салалта үлэтигэр ситиһиилэри баҕардылар.
This post was published on 28.06.2020 10:01 10:01