Саха сиригэр тохсунньу 8 — 15 күннэригэр «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолар. 5 — 11 кылаас үөрэнээччилэрэ 35 хайысхаҕа кыттыыны ылаллар.
Быйылгы кэмпириэнсийэҕэ сүрүннээн коронавирус ыарыытын, экология тиэмэтигэр, ойууру баһаартан харыстааһын, ирбэт тоҥу үөрэтии, информатикаҕа бырагырааманы оҥорууга тиэмэлэр бааллара этилиннэ. Чинчийиилэр интэриэһинэйдэрин экспердэр бэлиэтииллэр.
Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ пандемиянан сибээстээн куйаар ситимин нөҥүө кыттыыны ылаллар.
Ньурба улууһунааҕы үөрэҕирии салалтатын уопсай үөрэхтээһин отделын кылаабынай исписэлииһэ Анисия Илларионова:
— Ньурба оройуонун оскуолаларыттан уонна А.Н. Чусовской аатынан техническэй лиссиэйтэн барыта 50 үөрэнээччи 46 дакылаатынан куйаар ситимин нөҥүө кыттыыны ылар. Түмүк тохсунньу 15 күнүгэр биллиэҕэ.
Ааптар: Антонина Семенова, Ньурба улууһа
This post was published on 11.01.2022 18:33 18:33