Ньурба маастардара "Клинок на Неве" бэстибээлгэ ситиһиилэннилэр

«Клинок на Неве» бэстибээл бастакы куонкурсун түмүгэ билиннэ. Ньурба маастардара бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, суруйар Ulus.media.

Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ «Средний клинок» номинацияҕа «Батыйа» оҥоһуутунан Ариан Афанасьев-Арыйаан Уус үһүс миэстэ буолла. Дьүһүйүүгэ тимиртэн саҕалаан сылгы сиэлигэр диэри туттулунна.

«Композиция» номинацияҕа иккис миэстэни Александр Васильев-Байдам Уус ылла, кини «Эра мамонтов» диэн сэлии муоһунан, уҥуоҕунан оҥоһуллубут айымньытын көрдөрдө. Бу түһүмэххэ «Сата Уус» оҥоһугунан Ариан Васильевич үһүстээтэ.

This post was published on 21.02.2022 11:02 11:02