22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ньурба Маалыкайын сорсуннаах булчута Махсыымап Өндүрүйээн уон адьырҕаны уодьуганнаата

10:17, 16 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба улууһун булчуттара былырыыҥҥы булт сезонугар 25 бөрөнү дьууктаабыт буоллахтарына, быйыл баччаҕа, бэлиэр, 27 суру сууһарбыттар. Мантан уонун Маалыкай олохтооҕо, бөрөһүт Андриян Максимов уодьуганнаабыт. Бырабыыталыстыба отчуоттуур биригээдэтин кытта Бордоҥ нэһилиэгэр тиийэрбэр Андриян Николаевич суох буолан биэрбитэ, Дьокуускайдаабыт этэ, онтон куоракка кэлбитим – сорсуннаах сонордьут дьиэтигэр хайы-үйэ тиийэн олорор эбит. Онон төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.


Чөмпүйүөн бөрөһүт Андриян Максимов

— Бөрө бөһүөлэккэ чугаһаан, сылгыны тардар буолуоҕуттан ыла сонордоһобун. Ол аата 7-8 сылтан бэттэх. Сопхуос саҕана бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан уонна дьаатынан бултуур буоланнар, чугас биллибэт этэ. Кэлин наһаалаатылар. Иллэрээ сыл сэтинньигэ кыыл таба хара тыа маһын курдук тоҕу анньан кэлэ сылдьыбыта. Онон, кыылы батыһан кэлэн баран, устунан хаалан, төрөөн-ууһаан дэлэйдилэр. Маалыкайга, Малдьаҕарга, ордук Хатыыга сылгы сүтүктээх элбэх. Төһө элбэҕи сиэбиттэрэ биллибэт. Бэйэм кэтэхпэр  эмиэ биир атыыр үөрдээхпин. Билигин чугас биир тыһы улахан бөрө хаалан сылдьар… – диэн кэпсиир бөрөһүт.

Андриян  Максимов быйылгы хаарга сэтинньиттэн саҕалаан, бэйэтэ этэрин курдук, “дьиэ таһыттан” 10 адьырҕаны бултаабытыттан 8-ын саҥа сылга киирэн баран хаптарбыт. Бултуур тэрилэ – хапкаан уонна туһах. Хапкааҥҥа 7, туһахха 3 иҥнибит. Куоракка булт тэрилин атыылаһаары кэлэ сылдьыбыт. Андриян Николаевич бултаабыт адьырҕаларыттан 7-тэ тыһы эбит. Онон тыа сирин сылгылаах ыалларыгар инникитин үлүгэрдээх хоромньу тахсыахтааҕын тохтоттоҕо. “Учуоттуурбун сөбүлээбэппин эрээри, быһа холоон, урукку өттүгэр сүүрбэччэни бултаатаҕым буолуо, сылга муҥутаан 4-5 бөрөнү ылааччыбын”, — диир Андриян Николаевич.

Бөрөлөрүн сүлэн, тириилэрин туттарар гына бэлэмнээн сытыарар. Төбөлөрүн бэтэринээрдэргэ анаалыска ыыппыт. Ол түмүгэ куоратынан эргийэн, икки ыйынан кэлэр үһү. Онтон биирдэ туттарар. Оччоҕуна хас биирдии бөрөтүн аайы “Сахабулт” концернтан 20 тыһ., улууһуттан 10 тыһ. солкуобай харчыны ылыахтаах. Улуус дьаһалтата сорсуннаах булчукка көмөлөһөн, булт тэрилэ атыылаһарыгар анаан 25 тыһ. солкуобайдаах сертификаты туттарда.  Маны таһынан “Буран” уматыгар, саппаас чааһыгар ороскуотун толуйарга анаан 30 тыһ. солкуобайы ылыаҕа. Онон улуус салалтатын өттүттэн өйөбүл үгүөрү, көҕүлээһин күүстээх.

Бордоҥ нэһилиэгэр Маалыкайга өссө иккис байанайдаах бөрөһүт баар. Эрик Васильев ардай аһыылааҕы сонордоспута сүүрбэттэн тахса сыл буолбут. Барыта 16-ны дьакыйбыт. Эрик Иннокентьевич быйылгы хаарга Хатыы уонна Маалыкай икки ардыларыгар хапкаан иитэлээн, 5 бөрөнү хаптарбыт. Мантан үһэ тыһы үһү. Эрик Васильев улууһун 30 тыһ. солкуобайдаах көмөтүн эрдэ ылбыт.

Иккис миэстэлээх бөрөһүт Эрик Васильев

Нэһилиэк олохтооҕо Ньукулай Тихонов ааҕарынан, Марха өрүс түбэтигэр сытар үс нэһилиэккэ холбоон, быйылгы кыстыкка 20 адьырҕа, мантан баһыйар аҥаара тыһы бөрө, дьууктанна. “Мин отут сыл түүлээх булдугар сылдьыбытым. Онон бөрөнү бултаһары билэбин. Бөрө – өйдөөх, сэрэх кыыл. Тайаҕы сиэбит сиригэр чөкөтүк сылдьан, хапкаан иитэҕин. Сыарҕа дуу, хайыһар дуу суолун көрдөҕүнэ, киһи сылдьыбытын билэн чугаһаабат. Бөрө тоҕо элбээтэ? Бастатан, бырамыысыланнас сайдан. Иккиһинэн, дьон тайаҕы, кыыл табаны аһара кыдыйаннар, бөрө-эһэ аһылыктара суох буолан, дьон олорор сиригэр өтөн киирэн иһэллэр. Биһиги бултуурбут саҕана Моркуоку, Накыын үрэхтэргэ тайах, кыыл толору буолара. Бөрө ол иһин түҥкэтэх үрэхтэринэн-үрүйэлэринэн ыырданара. Ол кэмҥэ билиҥҥи курдук солооһун (просека) суоҕа. Сир баайын көрдөөн, киһи мунуох курдук, билигин тыа бүттэтэ суох солооһун бөҕө. Ол устун туора-маары сүүрдэ сылдьан, булду кыайдылар”, — диэн санаатын үллэстэр кырдьаҕас булчут.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар