Ньурба Хатыытыгар Кылыыһыт Миитэрэй аатынан атах оонньуутугар күрэхтэһии ыытылынна

Кулун тутар 3 күнүгэр, Ньурбатааҕы Николай Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар сылын аайы ыытыллар Иванов Дмитрий Нилович – Кылыыһыт Миитэрэй аатынан улуустааҕы  атах оонньуутугар аһаҕас турнир «Өбүгэм кистэлэӊ күүһэ» бырайыак чэрчитинэн үһүс төгүлүн ыытылынна.


Бу турниры Дмитрий Нилович Иванов сиэнэ, ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Дьокуускай ыччатын балаататын бочуоттаах бэрэссэдээтэлэ, УФСИН Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбыннай  сүбэтин чилиэнэ, «Нидстрой», «Нидстрой+» тэрилтэлэри тэрийбит — Иванов Дмитрий Иванович доҕотторунуун сылын аайы ыыталлар. «Өбүгэм кистэлэӊ күүһэ» бырайыак сүрүн сыала-соруга чөл олоҕу өрө тутуу, ыччаты түмүү уонна инники эрэллэрбитин иитэн таһаарыы буолар.

Күрэхтэһиигэ  М.В. Мегежекскай аатынан Маалыкай, В.И. Максимоваатынан Малдьаҕар, А.Ф. Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолалара кыттыыны ыллылар. Бу турнир чэрчитинэн Черлидинг күрэхтэһиитэ эмиэ 3-үс төгүлүн ыытылынна.

Үгэс быһыытынан, тэрээһин аһыллыытын норуот эмчиттэрин ассоциациатын чилиэнэ, алгысчыт, үрдүк категориялаах норуот эмчитэИннокентьева Алиса Михайловна алгыс тылынан саҕалаата. Олохтоох оскуола дириэктэрэ Николаев Леонид Александрович, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Яковлев Иннокентий Семенович, Дмитрий Нилович улахан сиэнэ Васильева Мария Ивановна, «Кистэлэӊ күүс» сурунаал редактора Платонова Марина Спиридоновна – Хомпорууна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи категориялаах бокса судьуйата Уваров Алексей Юрьевич«Нидстрой» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Терянов Герман Николаевич«Нидстрой+» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Николай Туприн, Чуукаар орто оскуолатын английскай тылын учуутала Клара Хабароватыл эттилэр, кыттааччыларга ситиһиини баҕардылар. Турнир аһыллыытын Хатыы орто оскуолатын үрдүкү кылааһын уолаттара атах оонньуутун өрө тутааччы Ксенофонтов Анатолий Васильевичырыатынан киэргэттилэр.

Саха сиригэр Муай тайы төрүттээбит, «Мохсоҕол» кулууп салайааччыта Алексей Уваров Муай Боран көрүҥҥэ маастар кылаас көрдөрдө.

Быйылгы күрэхтэһиигэ оҕолор тэринэн, күүскэ дьарыктанан кэлбиттэрэ харахха быраҕыллар. Уолаттара саастарынан икки бөлөххө хайдыһан кииристилэр. Кыргыттар Черлидинг саҥа олимпиадаҕа киирбит көрүҥҥэ холоннулар. Кыргыттарбыт быйыл бэлэмнэрэ күүстээх, ыарахан элеменнэри үөрэппиттэр. Таӊастара-саптара дьэрэкээнэ, тупсаҕайа олус үчүгэй көстүүнү биэрэр. Ис-истэриттэн үөрүүнэн сыдьаайан кэрэ көстүүнү, сааскы сыламы бэлэхтээтилэр! Аттыбар олорбут кырачаан кыргыттар: «Аны 4 сылынан биһиги үҥкүүлүүбүт ээ», — дииллэриттэн иһиттэххэ, улахан баҕалаахтара көстөр.

Күрэхтэһиигэ 57 оҕо кыттыыны ылла.

күрэхтэһии түмүгэ:

Кылыыга – 2002-2003 с.т. 1м – Васильев Айаан (Чуукаар), 2м – Гуринов Эрчим (Чуукаар), 3м – Давыдов Петр (Чуукаар),

2000-2001 с.т. 1м — Шарин Айсен (Хатыы), 2м – Ксенофонтов Кэскил (Хатыы), 3м – Сергеев Гавриил (Чуукаар).

Буурга – 2002-2003с.т. 1м – Давыдов Петр (Чуукаар), 2м – Васильев Айаан (Чуукаар), 3м – Гуринов Эрчим (Чуукаар).

2000-2001с.т. 1м – Шарин Айсен (Хатыы), 2м — Ксенофонтов Кэскил (Хатыы), 3м – Сергеев Гавриил (Чуукаар).

Куобахха – 2002-2003с.т. 1м — Гуринов Эрчим (Чуукаар), 2м – Васильев Айаан (Чуукаар), 3м – Босоев Михаил (Чуукаар),

2000-2001с.т. 1м Шарин Айсен (Хатыы), 2м – Сергеев Гавриил (Чуукаар), 3м – Ксенофонтов Кэскил (Хатыы).

Үс көрүӊ түмүгүнэн 2001-2002 с.т. – Васильев Айаан, 2000-2001с.т. – Шарин Айсен — муӊутуур кыайыылаах аатын ылан үөрдүлэр-көттүлэр.

Черлидинг күрэҕэр – 1м — «Мэӊэдьэк мэниктэрэ» (Хатыы) салайааччы Григорьева М.А., Слепцова МВ. 2м – WBG (Чуукаар), салайааччы Хабарова К.В.

Быйылгы курэхтэһиибит эти-хааны эрчийэр, сымса, тулуурдаах буоларга үөрэтэр өбүгэ оонньуулара түмүктэннилэр. Аны, муус устарга бырайыакпыт интеллектуальнай түһүмэҕэ буолуо.

Ньурба оройуонун атах оонньуутун бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлигэр – Евсеев Сергей Ивановичка, Ньурба оройуонун үөрэҕирии салаатын салайааччытыгар- Аргунова Алевтина Петровнаҕа, үрдүк категориялаах норуот эмчитигэр Иннокентьева Алиса Михайловнаҕауонна тэрийсибит Хатыы оскуолатын учууталларыгар, чуолаан дириэктэргэ Николаев Леонид Александровичка махталбытын тиэрдэбит. Күрэхтэһии тэрийээччилэригэр, кыттааччыларга, ыалдьыттарбытыгар баҕарабыт үөрэххэ, үлэҕэ, спортка үрдүктэн үрдүк чаҕылхай ситиһиилэри .

Мария Васильева – Кынаттаах кылыыһыт Дмитрий Нилович улахан сиэнэ.

This post was published on 16.03.2018 11:00 11:00