Үөдэйгэ саҥа арыллыбыт музей киин уулуссаҕа, олохтоох дьаһалтаттан чугас баар. Саха төрүт култууратын, төрөөбүт дойду, нэһилиэк историятын, үгэстэрин уонна хоһуун үлэһит дьонун-сэргэтин кэнэҕэски кэлэр ыччакка үйэтитэн хаалларар сыаллаах.
Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө, былырыын олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа кыттан, ааспыт сылга бастакы тутууларын саҕалаабыттар. Быйыл сабыс-саҥа балаҕаны туппуттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Память о прошлом для будущих поколений» уонна улууска «Знать, чтобы помнить», «Музей под открытым небом «Ытык өбүгэлэр» бырайыактарынан кыттан архитектурнай оҥоһуктары, түмэл символларын оҥорбуттар. Виктор Аввакумов салайааччылаах «Стройснаб» тутуу тэрилтэтэ үлэлээбит. Олохтоохтор уонна Сунтаартан тиийэ кэлэн үлэлэспиттэр.
Үөдэй нэһилиэгин олохтоохторо Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылыгар өрө көтөҕүллэн туран, кылгас кэм иһигэр элбэх экспонаты хомуйбуттар. Ону таһынан «Музейга эксонаты бэлэхтээ» аахсыйаны тэрийэн ыыппыттар. Хаҥаластан, Аканаттан, Маартан, Таркаайыттан, Дьаархантан, Чаппандаттан, Ньурбачаантан, Ньурбаттан, Антоновкаттан, итиэннэ ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхойуттан, Далырыттан эмиэ аҕалыллыбыт. Бу курдук икки сыл иһигэр 2000-тан тахса экспонаты мунньубуттар. Онон бүгүн дьон-сэргэ көрүүтүгэр 700 история кэрэһитин туруордулар. Ол иһигэр былыргы туттуллар мал-сал, иһит-хомуос, үлэ сэбиргэллэрэ уо.д.а. Эһиил үөдэйдэр 6 кырыылаах ампаары уонна чочуобунньаны тутар былааннаахтар.
Музей үөрүүлээх аһыллыытыгар ыраахтан-чугастан элбэх дьон-сэргэ тоҕуоруста. Аалай лиэнтэни улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга Мария Николаева уонна Ньурбатааҕы Ксенофонт Уткин аатынан Норуоттар доҕордоһууларын музейын дириэктэрэ Анна Туманова быһа кырыйдылар. Сахалыы сиэри-туому үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, алгысчыт Алиса Иннокентьева ситэрдэ.
Истиҥ-иһирэх эҕэрдэ уонна махтал тыллара этилиннилэр. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Антонина Григорьева биир дойдулаахтарын эҕэрдэлээн тэлигирээмэ ыыппыт. Түмэл тутуллуутугар элбэхтик үлэлэспит, күүс-көмө буолбут дьон бэлиэтэннилэр. Үлэ бэтэрээнэ Марина Корнилова, олохтоох дьаһалта суоппара Айаал Аммосов улуус баһылыгын Бочуотунай грамотатын, олохтоох дьаһалта харабынайдара Василий Андреев, Максим Нестерович улуус баһылыгын Махтал суругун туттулар. Манна кыттыспыт, үлэлэспит, түмэлгэ экспонаттары биэрбит элбэх дьон эмиэ умнуллубата, нэһилиэк дьаһалтатын Махтал суруктара туттарылынна.
Кэлбит дьон улууска маннык соҕотох музейы кэрэхсии-биһирии көрдө. Кылгас кэм иһигэр элбэх үлэ ыытыллыбытын, өссө ситтэҕинэ-хоттоҕуна дьон сөбүлээн сылдьар, норуот былыргы олоҕуттан саҕалаан элбэҕи биллэрэр-көрдөрөр эбийиэк буолуоҕун бэлиэтээтилэр. Кырдьыга да, манна тиэргэнэ кэҥэс соҕус, онон үөдэйдэр былааннарын олоххо киллэрэллэригэр кыах да баар.
Музей урукку дьыллар уорҕаларын уонна кэлэр кэм саһарҕатын ситимниир, норуоппут култууратын, историятын үйэтитэр аналлаах, үүнэр ыччакка утуму салгыыр, үтүө үгэстэри иитэр сыаллаах үлэтэ инникитин кэскиллээх буоларыгар эрэнэбит.
Ааптар: Геннадий Антонов, Ньурба улууһа