Ньурба улууһун Антоновка сэлиэнньэтин дьоно-сэргэтэ саҥа кулууп таһыгар 80 маһы олортулар, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэрэ, олохтоох дьаһалта, «Биһик», «Ромашка» уһуйааннар, балыыһа, библиотека, тута сылдьар тэрилтэ «Региональное развитие», сүрүн инженер Артем Тимофеев. Уонна эрдэ сир бэлэмнээһиҥҥэ оскуола кыттыспыт.
«40 хатыҥ, 40 бэс аны хас да уонунан сылынан 2024 сыл балаҕан ыйын 20 күнүн, нэһилиэгин туһугар үлэлээбит дьонун, көхтөөх олохтоохторун саната турдун. Кыттыыны ылбыт коллегаларга, олохтоохторго А.Я. Овчинникова аатынан «Түһүлгэ» норуот айымньытын дьиэтэ улахан махталын биллэрэр!», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
This post was published on 23.09.2024 12:16 12:16