Ньурба Антоновкатын Кыталыктааҕар саҥа дьиэлэр дьэндэһиэхтэрэ

????????????

2014 сыллаахха Ньурба улууһа тустаах бырайыагы бэлэмнээн, тыа хаһаайыстыбатын департаменын нөҥүө тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин бырагырааматыгар кыттан, Антоновка нэһилиэгин Кыталыктаах дьоҕус оройуонугар «100 дьиэлээх компактнай тутуу» саҕаланна.


Улуус уонна Октябрьскай нэһилиэк үбүлээһиннэринэн олуга охсуллубут тутууну үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома буолла. Эрдэ манна 12 дьиэ тутуллубут эбит буоллаҕына, 2017 сылга 100 дьиэ барыта тутуллан бүтүөхтээх диэн сыал-сорук турар.

Бу күҥҥэ аһаҕас аукцион тумуктэнэн, кыайыылааҕынан «Строй-монтаж 2002» тэрилтэ тахсан, үлэтин бастакы түһүмэхтэрин саҕалаата.

Атырдьах ыйын 1 күнүгэр маныаха анаммыт сиэргэ-туомҥа улуус баһылыга Борис Попов, Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Дмитрий Михайлов уонна бэдирээттээх тэрилтэ салалтата кыттыыны ыллылар.

Компактнай тутууга билигин күүстээх тиэхиньикэ кэлэн, Кыталыктаах хонуутугар буору таһар. Эһиил, 2017 сылга бырагыраамма туолан, манна саҥа дьиэлэр дьэндэһэн тахсыахтара.

This post was published on 08.08.2016 11:03 11:03