Ньурбаҕа уулуссалары аспааллааһын саҕаланна

Бүгүн Ньурба к. уонна Антоновка уулуссаларын аспааллааһын үлэтэ саҕаланна. «Автодор» РИК генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччыта Сергей Никифоров иһитиннэрбитинэн, суолу тутааччылар быйыл Ньурба к. уонна Антоновкаҕа 5 уулуссаны бүрүйүөхтээхтэр.


Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылынан сибээстээн, киэн туттар биир дойдулаахпыт, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Чусовской аатын сүгэр икки уулусса оҥоһуллар — Антоновкаҕа уонна Ньурба куорат Убайаан микро-оройуонугар. Убайааҥҥа бу уулуссаҕа үс сиргэ ууну аһардар улахан турбалар түһэриллиэхтэрэ, манна бэдэрээтчити быһаарарга куонкурус биллэрилиннэ.

Суол тутааччылар Ньурба к. Бекурин, Христофор Максимов уонна Октябрьскай уулуссаларын эмиэ аспаал бүрүөһүннүөхтэрэ. Бу үлэ Ньурба улууһун «Инвестиционнай-тутуу управлениета» МКУ-ну кытта түһэрсиллибит муниципальнай хантараак быһыытынан толоруллар.

«Автодор» РИК Ньурбатааҕы филиалын эдэр маастара Айсен Типянов салалтатынан 23 киһи үлэлии сылдьар. Аспаал-бетон собуота күннэтэ сөп буолар кээмэйи оҥорон таһаарар. 3 самосвал, 1 асфальтоукладчик, 1 каток уонна 1 грейдер үлэлииллэр. Тутааччылар ити этиллибит 5 уулусса 3 км усталаах учаастактарын бэс ыйын 30 к. диэри бүтэрэргэ соруктаналлар.

Быйыл Ньурба улууһугар суол үлэтигэр улахан хамсатыылаах дьаһаллар ылылыннылар. Ол курдук, «Бүлүү» федеральнай суолга Түүкээн муостата тутуллан балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх. Ону таһынан тыраасса Дьаархантан — Ньурба учаастагар быйыл уонна эһиил «Дороги Саха» 17 км уонна «Автодор» РИК 15,5 км аспааллыахтаахтар. Манна бэлэмнээн ууну аһардар турбалары түһэрэ уонна суол болотунатын үрдэтэ сылдьаллар. Быйыл хайалара даҕаны 8-тыы км усталааҕы аспааллыырга былаанныыллар.

This post was published on 26.05.2020 18:01 18:01